Онкодиспансер уонна сүрэх-тымыр киинин тутууларыгар хаалыы суох

Дьокуускай куоракка региоҥҥа икки олус суолталаах эбийиэк тутуллар — онкология диспансера уонна сүрэх-тымыр киинэ. Тутуу хаамыытын республика баһылыга Айсен Николаев көрдө, диэн иһитиннэрэр СИА.


«Тутуу үлэтэ былааннаммыт болдьоҕун быһыытынан ыытыллан иһэр, өссө кыра эрдэлээһин баар. Бу үөрдэр. Эбийиэк бырайыактааһына 2013 — 2015 сылларга ыытыллыбыт буолан, билигин техническай чааһыгар кыра уларытыылар киллэрилиннилэр. Ол эбэтэр эмтээһин саҥа ньымата, оборудованиелар ылыллыылара«, — диэтэ Айсен Николаев. Ил Дархан эппиэттээх тэрилтэлэр маны учуоттаан, доруобуйа харыстабылыгар федеральнай министиэристибэни кытта бииргэ үлэлииллэригэр сорудахтаата.

Медицина национальнай киинин сүрүн директора Николай Лугинов ыарахан уйуктаах техниканы тэрилтэҕэ туруоруу миэстэтин быһаарар уонна доруобуйа институтун эргэ дьиэтин көтүрэр туһунан этии киллэрдэ. Дьиэ тутуу ыытыллар сиригэр ыкса турар. Бу ыйыллыбыт эбийиэк оннугар, Лугинов этэринэн, инфарк уонна инсульт ыарыылары аһардыбыт дьону чөлүгэр түһэрэр 60 куойкалаах киини тутуохха сөп. Вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрбитинэн, бу боппуруоска Росимуществоны кытта үлэ барар..

Икки тэрилтэ кадрынан хааччыллыытын боппуруоһа билигин да көдьүүһүн сүтэрэ илик. Республика баһылыга эппитинэн, региоҥҥа үрдүк билиилээх кардиолог элбэх, онтон онкологияны эмтиир чааһыгар элбэх исписэлииһи үөрэтэр наада. Онкодиспансерга 900 киһи үлэлиэхтээх, билигин аҥарын кыайбат үлэлиир киһи бэлэм. Эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ — 480 сотрудник тиийбэт, ол иһигэр 67 быраас.

«Бу сылга исписэлиистэри Россияҕа, Японияҕа, Кореяҕа, Кытайга, АХШ-гар үөрэтиини саҕалыахпыт. Манна үгэскэ кубулуйбут эрэ ньымаларга үөрэммэккэ, аан дойду таһымыгар саамай муҥутуурдук сайдан турар эмтээһин миэтэттэригэр уһуйуллуохтара«, — диэтэ кини.

Билигин онкологическай диспансер тутуута былааннаммыт технологическай тохтобулга турар. Сыбаайата уоунна цокольнай бүрүөһүнэ бүппүт. Сүрүн бэдэрээччигинэн «Кинг-95» хампаанньа буолар.

Кардиологическай киин билигин көҥдөйө таһаарыллар. Үлэ сүрүн бэдэрээччик «Сэттэ» хампаанньа салалтатынан ыытыллар. Быйылгы дьылга 340 мөл.солк. көрүлүннэ. 8 этээстээх 150 куойкалаах эбийиэккэ федеральнай хааһынаттан 4,5 млрд.солк. көрүллэн, 2021 сылга тутуута бүтүөхтээх.

«Тутуу үлэтигэр хаалыы суох, сыл бүтүөр диэри көрүллүбүт үбүлээһин барыта туһаҕа туруохтаах. Республика баһылыга федеральнай бюджеттан үп көрүллүбүтүнэн, сэтинньи 20 күнүгэр диэри эһиилги сыллааҕы былааны бэлэмниир туһунан сорудах биэрдэ«, — диэтэ госсакаасчыт сулууспатын сүрүн дириэктэрэ Петр Кушкирин.

This post was published on 06.11.2019 12:11 12:11