Омук тылыгар биир кэлим эксээмэни (БКЭ) туттарыы булгуччулаах буолуо суоҕа, бу туһунан балаҕан ыйын 9 күнүгэр Россия үөрэҕин министиэристибэтигэр эттилэр, ТАСС суруйар. Иһитиннэриигэ сурулларынан, Үөрэх министиэристибэтин иһинэн үлэлиир судаарыстыбаннай үөрэх стандартарын Сэбиэтэ орто үөрэх чааһыгар ФГОС-ка уларытыылары киллэриини көрдө уонна бырайыагы бигэргэттэ. Докумуоҥҥа көстөрүнэн, омук тыла түмүктүүр эксээмэн испииһэгэр киллэриллибэтэ.