Дьааңы куоратыгар төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр ыытыллыбыт тэрээhиңңэ Япониятан уонна Данияттан кэлбит туристар сырыттылар. Кинилэр сахалыы тылынан диктант суруйарга холоннулар. Саха тыла баайын, култуурата дириҥин бэлиэтээтилэр.
Верхоянскай оскуолатын ааҕар саалатыгар ХИФУ саха салаатын кафедрата республика үрдүнэн ыыппыт Н.Д.Неустроев «Балыксыт» айымньытыттан диктант суруйдулар. Оройуоннааҕы бибилитиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын үлэhиттэрэ оңорон ыыппыт уопсай балаhыанньаларынан күнүс 9-10-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, оттон киэhэ улахан дьон таба суруйууга холоннулар.
Дириң устуоруйалаах тымныытынан аар-саарга биллибит кырдьаҕас куоракка Владивостоктааҕы Уhук Илиңңи федеральнай университекка Япония фондатыттан өйөбүллээх дьоппуон тылын ұөрэтиигэ консультант Симогори Тасэки кэлэ сылдьар. Кини кэргэнэ Симогори Томоэ ити универсикка преподавателлии сылдьыбыт. Оттон Полудан-Миллер Маргин Осакскай университекка датскай тылы ұөрэтэр. Нуучча тылын билэр буоланнар, диктан суруйууга холоннулар, саха тыла ураты дорҕооннооҕун бэлиэтээтилэр.
Хас да кинигэ ааптара, бибилитиэкэ сэбиэдиссэйэ Анна Васильевна Слепцова омук сириттэн сылдьар ыалдьыттарга кинигэтин бэлэх уунна. Оскуола үөрэнээччилэрэ диктаны бэркэ суруйбуттара бэлиэтэннэ. Диктаны суруйуу кыайыылааҕынан Алена Слепцова таҕыста.
Бибилитиэкэр Александра Дмитриевна Ефимова «Ийэ тыл — барҕа баайбыт» викторинатын түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан 11 кылаас үөрэнээччитэ Алена Слепцова буолла. 2 миэстэ үрдэлигэр Дима Фокин 10 кылаас, үhүс миэстэҕэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Аксинья Слепцова эрэллээхтик таҕыстылар.
Дьааңы бэйиэтэ, саха норуотун координационнай Сэбиэтин чилиэнэ Василий Дедюкин (1940-2002) «Көрдүм ини көбөтүм\ Атын дархан куораты,\ Арай миэхэ өрүүтүн\ Дьэ, эн бааргын ураты…» диэн истиң тылларынан суруйбут хоhоон киирии тылллаах
кинигэлэринэн быыстапка тула дьон тоҕуоруhа муhунна. Олох дириң философиятын уратытык анааран суруйбут бэйиэт ураты тыыннаах хоhооннорун ааҕартан салҕыбаттар.
«Бу бүтэhик сыыппара буолбатах, өссө да дэкээдэ салҕанар, аныгы нэдиэлэҕэ оскуола иннинээҕи үөрэхтээhин Саха сиригэр тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах тэрээhин чэрчитинэн «Аман өс», тест-диктант ыытыллыаҕа. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах түhүлгэ салҕанан бара туруо», — диир Александра Дмитриевна.
Ааҕааччылар диктант суруйууга бэйэлэрин холоноллоро сыл ахсын эбиллэрин бибилэтиэкэрдэр бэлиэтииллэр. Оттон омук дьоно саха норуота төрөөбут төрүт тылыгар суолта, болҕомто уурарын биhирээтилэр.
Ааптар: Раиса Чирикова, Дьааҥы улууһа
This post was published on 14.02.2020 14:13 14:13