Олунньуттан "Нюрба FM" радио сууккаҕа 24 чаастаах эфирин саҕалыыр

«Нюрба FM» радио 101 долгуҥҥа олунньу ыйтан сууккаҕа 24 чаастаах эфирин саҕалыыр былааннаах. Тэрилтэ киин аптека 3 этээһигэр үлэлиир, оборудование онно таҥыллан турар.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн радио Дьиикимдэҕэ тиийэ иһиллэр диэн буолбут. Үрдүк вышка турдаҕына, радионан хабыы кэҥиир чинчилээх. Маны тэҥэ улуустааҕы телевидениени тэрийиигэ үлэ барар.

This post was published on 29.01.2016 14:50 14:50