Олунньуттан үлэтэ суохтарга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ үрдүөҕэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса буолуоҕа, суруйда Саха сирэ саайт.

Бу туһунан РФ Үлэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Ити курдук, босуобуйа кээмэйэ инфляция таһымыгар сөп түбэһиннэрэн ааҕыллыаҕа. Ону таһынан олунньу 1 күнүттэн 40-тан тахса социальнай төлөбүрдэр уонна босуобуйалар 9,5%-нан индексацияланыахтара.

Маннык уураахха илии баттаабытын туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин солбуйааччыларын кытта ыыппыт сүбэ мунньаҕар иһитиннэрдэ.

This post was published on 31.01.2025 15:57 15:57