15 Тохсунньу 15.01
  • -42°
  • $ 103,44
  • 106,25

Олунньуга Василий, Борис уонна Юрий диэн аҕыйах оҕону ааттаатылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр олунньуга 828 оҕо төрөөбүт, онтон 409-кыыс уонна 419- уол. Сыл саҕаланыаҕыттан барыта 1766 оҕо күн сирин көрбүт: 837 кыыс уонна 929 уол.

ЗАГС өрөспүүбүлүкэтээҕи управлениетын дааннайынан, ааспыт ыйга уол оҕолорго ордук элбэхтэ Артем, Даниил, Дамир, Дмитрий, Лев, Кирилл, Мирон, Тимур, Михаил диэн ааттары биэрбиттэр. Онтон сэдэх ааттарга Адам, Василий, Борис, Евсей, Еремей, Конон, Ростислав, Спартак, Маркел, Юрий киирсибиттэр.

Кыргыттарга Алина, Виктория, Алиса, Диана, Милана, Ева, Мия, София уонна Сандаара ааттары элбэхтэ иҥэрбиттэр. Сэдэх ааттар быыстарыгар Аврора, Бэлла, Ариель, Вилена, Есения, Даяна, Сабрина, Николина, Нея, Тамара, Ярослава, Эвелина бааллар.

«Бастаан оҕобутугар арыый даҕаны ураты аат биэриэхпитин баҕарбыппыт, онтон кэлин иһиттэхпитинэ төттөрүтүн борустуой соҕус ааттар аҕыйах буолбуттар диэммит, оҕобутун эһээтин аатынан Дмитрий диэтибит», -диэн олунньуга төрөөбүт эдэр ийэ Сахайаана Жиркова санаатын үллэстэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА