Олунньуга үс күн сынньаныахпыт

Хаартыска: ЯСИА саайта

Арассыыйа олохтоохторо олунньуга Аҕа Дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн сибээстээн уһуннук өрүөхтэрэ.

2024 сылга олунньу 23 күнэ бээтинсэҕэ түбэһэр. Онон бу судаарыстыбаннай бырааһынньыкка үс күн өрүөхпүт: олунньу 23-24-25 күннэригэр.

Оттон олунньу 22 күнэ кылгатыллыбыт үлэ күнүнэн буолуоҕа.

Бэлиэтээн суруйдахха, быйыл үрдүк сыл, онон олунньу 29 хонуктаах, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 30.01.2024 14:01 14:01