Олунньу саҥатыгар Дугуйдан Винокуров «Дорогами великих предков» суперэкстремальнай атынан айана салҕанар. Бу сырыыга Өймөкөөн сылгыһыта икки атынан 800 км айаннаан, Үчүгэйтэн Магадан уобалаһын Сеймчаныгар тиийэр былааннаах.
«Бу суолунан биһиги өбүгэлэрбит Николай Осипович Кривошапкин уонна Алексей Елисеевич Кулаковскай айаннаабыттара. Сыалым — саха атын тулуурун көрдөрүү уонна улуу дьоммут ааттарын үйэтитии», — диэн Дугуйдан Винокуров бырайыагын туһунан иһитиннэрбитэ.
Атынан айанньыты анал бөлөх батыһыаҕа: видеооператор, суоппардар, администратор уонна оробуочай.
Бэйэтэ аһаҕас халлаан анныгар утуйуоҕа, бөлөх — палаткаларга. Экстреннай быһыыга туттарга спутниковай төлөпүөн ылыахтара.
Винокуров бу айанын 2023 сылга Өймөкөөҥҥө буолар Олоҥхо ыһыаҕар аныыр.
This post was published on 23.01.2023 12:26 12:26