Олунньу ый билгэлэрэ

Хаартыска: СИА

Олунньу ый 1 күнэ  — Дьыл оройо буолар. Кыһыҥҥы хонук аҥаара бутэр. Кыстыыр от аҥарыттан итэҕэһэ суох хааллаҕына, дьылы үчүгэйдик тахсыллар. Бу күн хайдаҕый даҕаны, ый бүтүүтэ оннук буолуоҕа. Былыта суох, күннээх буоллаҕына, саас эрдэлиэҕэ. Эһэ арҕаҕар сытан эргийэр, биирдэ ытыһын саланар.

Олунньу ый 2 күнэ — ый дьиэлэннэҕинэ — мөлтөх үүнүүлээх сайыҥҥа диэн. Күн ортотук тыгар буоллаҕына, эрдэтээҥҥи саас, оттон былыттаах буоллаҕына, хойукка диэри тыалырар диэн билгэлэнэр.

Олунньу ый 10 күнэ — хайах хостуур күн, тыалырдаҕына — сайыммыт ардахтаах буолар.

Олунньу ый 12 күнэ — Иккис Охонооһойоп, манна тымныы оҕуһун бастакы муоһа тостор. Куйуурдааһыны саҕалыахха сөп. Сырдык кэммит 9 чаас уһуур.

Олунньу ый 15 күнэ. Бу күн тыалырдаҕына – саас хатааһыннаах буолар.

Олунньу ый 24 күнэ — Үһүс Охонооһойоп, тымныы оҕуһун иккис муоһа тостор. Сырдык кэммит 10 чаас уһуур.

Аһаҕас источниктар.

This post was published on 01.02.2024 15:01 15:01