Олунньу 8 күнэ. Сулустар кэпсииллэр

Хаартыска: СИА

Хой ♈️

Тапталгын кытары бииргэ буол, бэйэ-бэйэҕитигэр болҕомтото ууруҥ

Оҕус ♉️

Кэннигиттэн дьон саҥарарын истиэҥ, санааҕын түһэримэ – эн кинилэр иннилэригэр сылдьаҕын!

Игирэлэр ♊️

Олоҕуҥ саҥаттан-саҥа тэтими ылан иһэр, бэйэн ити тэтимҥин ыһыктыбатыҥ ордук

Рак ♋️

Ылсан үлэлэһэр дьыалаҥ ситиһиилэх түмүктээх буолуо

Хахай ♌️

Барыта орун-оннугар түһэн иһэр, табыллыы, сатаныы аргыстаныаҥ

Кыыс ♍️

Биир сиргэ олордоххуна, баҕа санааҥ туолара уустуктардаах буолуо

Ыйааһын ♎️

Бэҕэһээҥҥи баҕа санааҥ – бүгүҥҥү соругуҥ-сыалыҥ, сарсыҥҥы ситиһииҥ

Скорпион ♏️ 

Харчы өттүгэр табыллыаҥ, элбэҕи ситиһиэҥ

Охчут ♐️

Туруоруммут сыалгын ситиһэргэ кыра-кыра хардыылары оҥорон ыраах тиийиэҥ

Чубуку ♑️

Дьон эйигин олус бэһиэлэйгин көрөн, барыта сатабыллаах дии саныыр

Күрүлгэн ♒️

Эн тускар куһаҕан тылы саҥарар дьон бэйэлэрэ бэйэлэрин эрэ суолларын буортулууллар

Балыктар ♓️

Санаарҕыыр кэм кэннигэр, дьоллонор кэм иннигэр

@gazetaensieli

This post was published on 08.02.2024 09:04 09:04