Бэлиэ күннэр
- Арассыыйа — Арассыыйа бизнес-үөрэхтээһинин күнэ
- АХШ — Хара тириилээхтэр ВИЧ/СПИД туһунан билиилэрин күнэ (ааҥл. National Black HIV/AIDS Awareness Day)
- Япония — Хотугу сирдэр күннэрэ
- Гренада — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан, 1974)
Түбэлтэлэр
- 1238 — Бату хаан сэриилэрэ Владимиры төгүрүйбүттэр уонна ылбыттар.
- 1497 — Флоренцияҕа (Италия) Джироламо Савонарола диэн манаах ыҥырыытынан аньыыга тиэрдэллэр диэн ааттаан косметиканы, кинигэлэри, ускуустуба айымньыларын умаппыттар. Бу түбэлтэни Бэрдимсийии кутаата диэн ааттаабыттара (ит. falò delle vanità).
- 1756 — Гуарани сэриитэ: Испания уонна Португалия холбоһуктаах сэриилэрэ Сепе Тиараху өрө турааччылар баһылыктарын өлөрбүттэр.
- 1780 — Сыктывкар куорат олохтоммут.
- 1783 — АХШ тутулуга суох буолуутун иһин сэрии: Франция уонна Испания сэриилэрэ Гибралтаар Улуу осадатын устубуттар. Британия сэриилэрэ Испания соҕуруу өттүгэр баар Гибралтаарга төгүрүктээһиҥҥэ үс сыл, сэттэ ый уонна 12 күн тухары олорбуттара. Бу кэнниттэн Британия Гибралтаары кимиэхэ да биэрбэтэҕэ.
- 1807 — Наполеон сэриилэрэ: Беннигсен хамаандалаах нуучча сэриилэрэ Эйлау куоракка бөҕөргөтүммүттэрин Наполеон билбит уонна кырыктаах кыргыһыы түмүгэр сэриилээн ылбыт. Кыргыһыы сарсыныгар эмиэ салҕаммыт.
- 1855 — Арассыыйа уонна Дьоппуон ыккардыларыгар «мэлдьитин эйэни уонна истиҥ доҕордоһууну» биллэрбит Симода трактата диэн дуогабар түһэрсиллибит. Симода трактатын чэрчитинэн Курил арыыларыгар киирсэр Кунашир, Итуруп, Шикотан уонна Хабомаи Дьоппуон киэннэрэ буолбуттар.
- 1900 — Кытайтан көспүт иммигрант Сан-Франциско куоракка бубоннаах чумаанан ыалдьыбыт. Калифорнияҕа түөрт сыл тухары барбыт чумаа хамсыга саҕаламмыт.
- 1922 — 5-с Аармыйа Реввоенсоветын уурааҕынан Иннокентий Михайлов — Харачаас сахалартан бастакынан Кыһыл Знамя уордьанын ылбыт. Амма солобуодатыттан улахан суолталаах илдьити Дьокуускайга тиэрдэр сэрэхтээх сорудаҕы толоро барбыт үс киһиттэн кини соҕотох ордубут.
- 1927 — Дьокуускайга I Бүтүн Саха сиринээҕи кыра омуктар сийиэстэрэ саҕаламмыт, олунньу 13 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ 27 эбэҥки, чукча уонна дьүкээгир омуктарын дэлэгээттэрэ 11 улуустан мустубуттар.
- 1951 — Кэриэйэ сэриитэ: хомуньуустар диэки буолаллара уорбаламмыт 700 киһини Соҕуруу Кэриэйэ саллааттара өлөрбүттэр.
- 1962 — Холбоһуктаах Штааттар Кууба экэниэмикэтин блокаадатын саҕалаабыттар.
- 1974 — Гренада Холбоһуктаах Хоруоллуктан тутулуга суох буолбут.
- 1984 — Америка астронааба Брюс Маккэндлесс бастакынан аһаҕас космоска скафандрдаах эрэ босхо көппүт.
- 1986 — Гаитига биир ыал 28 сыл тухары баһылааһына тохтообут: бэрэсидьиэн Жан-Клод Дювалье дойдуттан күрээбит.
- 1990 — ССКП Киин кэмитиэтэ Горбачев туруорсуутунан хомуньуус баартыйа ССРС-ка былааска монополиятын тохтоппут.
- 1992 — «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятын суутун туһунан» сокуон ылыныллыбыт.
- 1992 — Европа Сойууһун олохтуур Маастрихт дуогабара түһэрсиллибит. Европа Сойууһа биир өттүттэн судаарыстыбалар холбоһуктара буолар, биир өттүттэн бэйэтэ судаарыстыба буолар. Билигин Европа Сойууһугар 27 дойду киирэр, нэһилиэнньэтин ахсаана 453 мөлүйүөн киһи, экэниэмикэтин сабардамынан быһа холоон АХШ уонна Кытай тэҥнээхтэрэ.
Төрөөбүттэр
- 1812 — Чарлз Дикенс — Англия биллиилээх суруйааччыта. Тыыннаах эрдэҕинэ ааҥыл тыллаах суруйааччылартан саамай ааҕыллар суруйааччы буолбута.
- 1901 — Виктор Захаров — Эмэлдьээктээҕи сүлүүдэлээх сири арыйбыт киһи, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьанын, Кыһыл Сулус уордьанын кавалера, «Хорсунун иһин» мэтээл хаһаайына, Алдан улууһун ытык киһитэ (1967).
- 1906 — Пу И (Айсиньгёро Пуи) — Кытай бүтэһик импэрээтэрэ (1908—1912).
- 1941 — Галина Кондрашова-Доброскок — А. С. Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырын артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа (1995).
- 1946 — Баһылай Босяк — бэйиэт, 1991 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала.
- 1953 — Егор Неустроев — Тулуйхан — саха композитора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ. Амма улууһун өрөгөйүн ырыатын муусукатын суруйбут.
- 1963 — Ньургун Тимофеев — саха бэлиитигэ, 2005—2008 сылларга Ил Түмэн бэрэстээтэлэ, техника билимин хандьыдаата, Нам уонна Өлөөн улуустарын Ытык киһитэ.
Өлбүттэр
- 1920 — Александр Колчак — Арассыыйа бэлиитикэтин XX-с үйэ саҕаланыытын аатырбыт диэйэтэлэ, Кырасдааныскай сэрии кэмигэр үрүҥнэр басханнара, нуучча байыаннай флотун адьымыраала, гидрограф-учуонай.