Олунньу 4 күнэ. Искэннээх ыарыыны утары охсуһуу дьаһала - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 960 — Кытайга генерал Чжао Куанъинь импэрээтэр буолбут, Тай-цзу диэн аат ылбыт. Кини олохтообут Сун династията маҥнай Кытайы барытын, онтон кэлин Кытай соҕуруу өттүн үс үйэ тухары салайбыта.
  • 1789 — АХШ бастакы бэрэсидьиэнинэн Джордж Вашингтон талыллыбыт.
  • 1810 — Наполеон сэриилэрэ: Улуу Британия Гваделупаны баһылаабыт.
  • 1859 — Эгиипэккэ Синаай кодексын булбуттар.
  • 1899 — ФилиппиныАмерика сэриитэ саҕаламмыт. Испания былааһыттан АХШ көмөтүнэн саҥа босхоломмут Филиппины арыыларыгар АХШ бэйэтэ саба түспүт уонна сотору кэминэн Филиппиныны протекторат оҥостубут.
  • 1904 — Дьоппуоҥҥа кистэлэҥ сүбэ уонна миниистирдэр хомуур мунньахтарыгар Арассыыйаны утары Маньчжурия уонна Кэриэйэ тустарыгар сэрии саҕалыырга быһаарыллыбыт.
  • 1918 — Саха оробуочайдарын сойууһун уопсай мунньаҕа большевиктары утарарын туһунан резолюция ылыммыт: «Эйэлээх саха оробуочайдара большевик хамсааһынын сөбүлээбэттэр, уопсастыба олоҕор сатарыйыыны уонна талбытынан дьаһайыыны (произвол) аҕаларын уонна улуу Арассыыйа ыһыллыытыгар уонна эстиитигэр тиэрдэрин иһин.»
  • 1921 — Барон Унгерн Монголия киин куоратын Урганы (монг. Өргөө — уораҕай) штурмалаан ылбыт уонна кытайдартан босхолообут.
  • 1932 — Иккис КытайДьоппуон сэриитин кэмигэр 10 күннээх көмүскэнии кэнниттэн дьоппуоннар Харбины ылбыттар.
  • 1938 — Адольф Гитлер бэйэтин сэбилэниилээх күүстэр баһылыктарынан анаммыт.
  • 1945 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Крымҥа Ялтатааҕы конференция аһыллыбыт. Конференцияҕа РузвельтЧерчилль уонна Сталин Германия капитуляциятын уонна кинини түөрт оккупация зонатыгар араарыыны ырыппыттар. Ону кытары Польша дьылҕата, ХНТ тэриллиитэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоппуону утары сэриигэ кыттыһыыта уонна Кэриэйэ 38-с параллелинэн икки зонаҕа аҥаарданыыта кэпсэтиллибиттэр.
  • 1948 — Цейлон (Шри-Ланка диэн ааттаммыта) Британия Холбоһугар киирэр тутулуга суох дойду буолбут.
  • 1976 — Гватемалаҕа уонна Гондураска буолбут сир хамсааһыныгар 22 000 тахса киһи өлбүт.
  • 1992 — Венесуэла бэрэсидьиэнин Карлос Андрес Переһы Уго Чавес күүһүнэн былаастан туораппыт.
  • 2000 — Парижка араак ыарыыны утары саҥа тыһыынча сылга охсуһуу саммита буолбут. Франция бэрэсидьиэнэ Жак Ширак уонна ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ Коитиро Мацуура Парижтааҕы хартияҕа илии баттаабыттар.
  • 2004 — Америкаҕа Гарвард университетын устудьуоннара Марк Цукерберг уонна Эдуардо Саверин Фэйсбук түмэт-ситими олохтообуттар.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 04.02.2022 08:59 08:59