Хой ♈️
⠀
Буолбутун кэннэ толкуйдуур сыыһа, оҥоруоҥ иннинэ толкуйдуурга үөрэн
⠀
Оҕус ♉️
Сымыйалыыр дьонтон тэйиччи тутун
⠀
Игирэлэр ♊️
⠀
Уйулҕаҥ утуйбутун уһугуннарыахха сөп, алдьаммыты сөргүтэр туһата суох
⠀
Рак ♋️
⠀
Бүгүн өйүҥ-санааҥ олох атыҥҥа сытар, кыратык боччумнаах соҕус буолар мэһэйдиэ суоҕа
⠀
Хахай ♌️
⠀
Кыратык эмит ыһыктан, холкутуйан ыллаххына, барыта ыһылла түһэр, онон куруутун эрчимнээхтик, тэтимнээхтик сылдьар ордук
⠀
Кыыс ♍️
⠀
Табыллыбат буоллаҕына илиигин ыһыктыма, санааҕын түһэримэ, өссө төгүл оҥорон көр
⠀
Ыйааһын ♎️
⠀
Биирдэ эйиэхэ ыарыыны оҥорбут киһи иккиһин эмиэ хатылыан сөп
Скорпион ♏️
Ааспыт кэм ахтылҕана эйигин кууһан баран сылдьар, олох ыыппат
Охчут ♐️
Туохха барытыгар муҥутуур кэрчик баар, ол онтон аһары бардаҕына тулуйа сатаан баран тоҕо барыаххын сөп
Чубуку ♑️
Билигин ыарахан кэм да буоллар, сотору кэминэн эргиллэн көрөн баран төбөҕүн быһа илгистиэҥ
Күрүлгэн ♒️
⠀
Тугу даҕаны бэйэҕэр туппакка ыытарга үөрэннэххинэ, бэйэҕэр ордук туһалаах буолуо
Балыктар ♓️
Таҥнарыы суолун билбит дьону кытары биир тылы булуоҥ суоҕа, тула өттүгүн болҕойон көр, сэрэхтээх буол.
Аһаҕас источниктан ылылынна.