Олунньу 23 күнэ. Аҕа дойдуну көмүскээччилэри эҕэрдэлиибит - Бикипиэдьийэ

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ» — бырааһынньык, сылын аайы олунньу 23 күнүгэр БелорусияҕаКиргизияҕаРоссияҕа уонна Таджикистаҥҥа бэлиэтэнэр. Бу даата РСФСР тутулугар 1922 сыл тохсунньу 27 күнүгэр бигэргэммитэ. ВЦИК РСФСР Президиума Кыһыл Аармыйа төрдүс сылын туһунан уурааҕы бэчээттээбитэ төрүөтүнэн буолбута. 1922 сылтан СССР кэмигэр «Кыһыл Аармыйа күнэ», 1946 сылтан — «Сэбиэскэй Аармыйа күнэ», 1949 — 1992 сылларга — «Сэбиэскэй Аармыйа уонна Байыаннай-муора флотун күнэ» диэн бэлиэтэнэллэрэ. Россияҕа «Аҕа дойдуну көмүскээччи күнэ» диэн ааттаммыта.


Бэлиэ күннэр Арассыыйа Беларусь Кыргыстаан Таджикистан — Аҕа дойду көмүскээччитин күнэ.Япония — Импэрээтэр төрөөбүт күнэ.

Түбэлтэлэр

  • 532 — Византия импэрээтэрэ Юстиниан I Константинопольга саҥа православнай базиликаны — Айя-Софья собуорун — тутарга дьаһайбыт. Тутуу 5 сылтан ордук барбыт. Бу собуор билигин да Истанбулга баар, мэчиэт буолан турар.
  • 1925 — Кыыс сулуута көннөрү быраап (обычное право) института буоларын быһыытынан Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт (ЯЦИК) «Саха АССР-га кыыс сулуутун (кийиит төлөбүрүн) бобор туһунан» уураах таһаарбыт.
  • 1926 — Дьокуускайга Саха национальнай байыаннай оскуолата (ЯНВШ) аһыллыбыт. Бу Былатыан Ойуунускай көҕүлээһининэн тэриллибит оскуола алын сүһүөх хамандыырдары 1927 сылтан 1941 сыллаахха диэри бэлэмнээн таһаартаабыта.
  • 1943 — Новгород уобалаһыгар баар Ильмень күөлүн мууһунан кимэн киирэн испит 19-с хайыһар биригээдэтэ ньиэмэс авиациятын күүстээх саба түһүүтүгэр түбэспит. Биир күн иһигэр биригээдэ киһитин 30%-ын сүтэрбит. Манна элбэх саха буойуна фроҥҥа саҥа кэлэн бастакы кыргыһыыларыгар охтубута. Ол да буоллар, икки күнүнэн, олунньу 25 күнүгэр, 19-с биригээдэ атын хайысханан кимэн киириигэ бастакытын ситиһиилэммитэ биллэр.
  • 1944 — Сэбиэскэй Сойуус 500 тыһыынча чэчиэн уонна ингуш дьонун дойдуларыттан Хотугу Кавказтан Орто Азияҕа депортациялаан саҕалаабыт. Чечен-Ингуш АССР эһиллибит.
  • 1947 — Стандартизацияҕа дойдулар ардыларынааҕы тэрилтэ (ISO) төрүттэммит.
  • 2018 — Берлиннээҕи киинэ бэстибээлигэр «Ага» диэн сахалыы киинэ премьерата буолбут. Режиссер — Милко Лазаров (Болгария).

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 23.02.2021 09:01 09:01