Олунньу 19 күнэ. Арассыыйаҕа орнитолог, аан дойдуга киит уонна дельфин күннэрэ - Бикипиэдьийэ

ССРС салалтата 1954 сыллаахха Крым уобалаһын РСФСР-тан Украина ССР-гар биэрбит. 

Арассыыйа бэрэсидьиэнин дьаhалынан 1992 сыллаахха, «Якуталмаз» тэрилтэлэрин түмэн, ««Алмазы России-Саха» аахсыйалаах хампаанньа тэриллиитэ» диэн №158С уураах тахсыбыт.

Бу күн революционер, Хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС-ка итэҕэли утары хамсааһын салайааччыта Емельян Ярославскай, саха бэйиэтэ, 23 саастааҕар суруйааччы сойууһун чилиэнэ буолбут Федор Винокуров — Даадар төрөөбүттэр.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1861 — Александр II ыраахтааҕы «Крепостной быраабы ууратыы туһунан манифест» диэн докумуону таһаарбыт.
  • 1878 — Америка айааччыта Томас Эдисон фонограбы патеннаабыт.
  • 1905 — Хотугу Кытайга АрассыыйаДьоппуон сэриитин саамай улахан кыргыһыыта — Мукден кыргыһыыта — саҕаламмыт.
  • 1913 — Педро Ласкуран 45 эрэ мүнүүтэҕэ Миэксикэ бэрэсидьиэнэ буолбут. Бу аан дойду рекорда.
  • 1920 — Дьокуускайга Байыаннай-революционнай трубинал тэриллибит. Сотору кэминэн кыһыллар өттүлэриттэн репрессиялар саҕаламмыттар.
  • 1954 — ССРС салалтата Крым уобалаһын РСФСР-тан Украина ССР-гар биэрбит.
  • 1992 — Арассыыйа бэрэсидьиэнин дьаhалынан, «Якуталмаз» тэрилтэлэрин түмэн, ««Алмазы России-Саха» аахсыйалаах хампаанньа тэриллиитэ» диэн №158С уураах тахсыбыт.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

  • 1997 — Дэн Сяопин — кытай бэлиитигэ уонна реформатора, Кытай Хомуньуус баартыйатын диэйэтэлэ, 1970-с уонна 1980-с сылларга дойду дьиҥнээх салайааччыта. Кини салайыытынан Кытай экэниэмикэтэ балысхан сайдыы суолугар турбута.
  • 2000 — Гавриил Ефимов (24.02.1920 төр.) — өр сылларга Чурапчы улууһугар уонна Дьокуускайга салайар үлэҕэ сылдьыбыт киһи, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, тылбаасчыт, бэйиэт. РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун ытык киһитэ (1970).

This post was published on 19.02.2021 09:01 09:01