Тапталлаахтар күннэрэ.
Былатыан Ойуунускай «Кыһыл ойуун» поэматын бүтэрбит.
Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбатын тэрийии туһунан уурааҕы Саха АССР Норуотун Хамыһаардарын Сэбиэтэ таһаарбыт.
YouTube видеохостинг төрүттэммит.
- Тапталлаахтар күннэрэ
- Кинигэ бэлэхтэһии дойдулар ардыларынааҕы күнэ
Түбэлтэлэр:
- 286 — «Көмүс номоххо» этиллэринэн, бу күн быраас уонна аҕабыыт Валентин өлөрүллэргэ ууруллубут. Кини буруйа диэн Рим импэрээтэрин дьаһалынан ыал буолуо суохтаах саллааттары кистэлэҥинэн бэргэһэлиир эбит.
- 1918 — Арассыыйа Григориан халандаарыгар көспүт. Тохсунньу 31 күнүн кэнниттэн олунньу 14 күнэ буолбут.
- 1924 — Былатыан Ойуунускай «Кыһыл ойуун» поэматын бүтэрбит.
- 1939 — Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбатын тэрийии туһунан уурааҕы Саха АССР Норуотун Хамыһаардарын Сэбиэтэ таһаарбыт.
- 1946 — Америкаҕа Пенсильвания университетыгар бастакы электроннай көмпүүтэр ENIAC (Electronic Numerical Integrator and Computer) көрдөрүллүбүт.
- 2001 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын «Сахалыы таба суруйуу сиэрин туһунан» 83 №-дээх уурааҕа тахсыбыт. Онтон 2015 сыл ахсынньы 22 күнүнээҕи бырабыыталыстыба 501 №-дээх уурааҕынан саҥа таба суруйуу сиэрэ тахсыбыта.
- 2005 — YouTube видеохостинг төрүттэммит.
Төрөөбүттэр:
- 1950 — Петр Захаров — Медиссиинэ Киинин кардиохирургияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2004), мэдиссиинэ билимин дуоктара.
- 1953 — Николай Ижендей — чувааш суруйааччыта.
Өлбүттэр:
- 1943 — Давид Гильберт — биллиилээх ниэмэс математига.
- 1995 — Огдуо Аксенова — дулгаан бэйиэтэ, дулгаан литэрэтиирэтин төрүттээччитэ.
- 2018 — Тарас Десяткин — геолог идэлээх, «Якутзолото» тэрилтэни өр сылларга салайбыт киһи. Социалистыы Үлэ Дьоруойа, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан икки төгүллээх кавалера (1969, 1981), Ленин уордьанын икки төгүллээх кавалера (1971, 1976). Алдан улууһун, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун (1998) уонна Дьокуускай куоратын (2013) Ытык киһитэ.
This post was published on 14.02.2021 09:06 09:06