Олунньу 13 күнэ. 1892 сыллаахха Семен Новгородов төрөөбүт - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1241 — Байдаар баһылыктаах монгуоллар этэрээттэрэ Краков бойобуодата баһылыктаах поляк рыцардарын уонна ополчениены Турско-Вельке сэлиэнньэ анныгар үлтүрүппүт.
  • 1575 — Польша бүрүстүөлүттэн күрээбит Генрих III Франция хоруолунан бэргэһэлэммит.
  • 1633 — Галилео Галилей Риимҥэ инквизиция суутугар тиийбит.
  • 1849 — Митрополит Андрей Чагуна баһылыктаах дэлэгээссийэ Австрия импэрээтэригэр Франц Иосиф I Трансильвания, Баната уонна Буковина румыыннарын аатыттан Румыын наассыйатын билинэрин ирдиир петицияны туттарбыт.
  • 1890 (урукку истиилинэн олунньу 1) — Дүпсүн улууһугар сыаркап приходун оскуолата аһыллыбыт.
  • 1913 — 13-с Далай-лаама Тибиэт Манчжуурдар динаастияларыттан тутулуга суоҕун туһунан биллэрбит. Бу кэнниттэн Тибиэт 40-ча сыл тутулуга суох дойду быһыытынан олорбута.
  • 1921 — Орто Халымаҕа I Халыматааҕы уезднай ревкомнар сийиэстэрэ буолбут, олунньу 16 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ булт-балык тэрээһинэ, үүт фермаларын тэрийии, электростанция, мас эрбиир уонна кирпииччэ собуоттарын, балыыһалар тутуулара ырытыллыбыттар.
  • 1923 — Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амма өрүһүн хочотугар киирэн Саһыл Сыһыы диэн сиргэ үрүҥнэри кытары кыргыспыт. Аатырбыт 18 хонуктаах Саһыл Сыһыы көмүскээһинэ саҕаламмыт.
  • 1931 — Ииндийэ киин куората Калькуттаттан Саҥа Делигэ көспүт.
  • 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ: Кыһыл аармыйа Будапешт куораты ылбыт, ньиэмэс уонна венгр сэриилэрэ бэриммиттэр.
  • 1956 — Антарктидаҕа «Мирнэй» диэн сэбиэскэй станция үлэтин саҕалаабыт.
  • 1960 — Франция ядернай дэлби тэптэрии тургутуутун оҥорон, ядернай сэрии сэптээх төрдүс дойду буолбут.
  • 1984 — ССКП КК Генеральнай сэкиритээринэн Константин Черненко талыллыбыт. Кини бу солоҕо биир сыл кэриҥэ 1985 сыл кулун тутар 10 күнүгэр диэри олорбута.
  • 2004 — Астрофизиктар аан дойдуга саамай улахан алмааһы булбуттар, ол үрүҥ карлик сулус BPM 37093 эбит. Сулуһу Beatles бөлөх ырыатыгар холоон «Люси» диэн ааттаабыттар.
  • 2008 — Австралия премьер-миниистирэ Кевин Радд Австралия төрүт олохтоохторун уонна «уоруллубут көлүөнэлэр» иннилэригэр судаарыстыба буруйдааҕын билиммит уонна алы буолалларыгар көрдөспүт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1993 — Иван Кульбертинов — аатырбыт снайпер, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сэрии саамай бэргэн снайпердарыттан биирдэстэрэ (487 өстөөҕү кыдыйбыта ааҕыллыбыт).

This post was published on 13.02.2022 09:01 09:01