Дьоппуон импиэрийэтин конституцията ылыллыбыт. Дьоппуон конституциялаах монархия буолбут.
Иосиф Сталин Сэбиэскэй Сойууска атомнай бомба оҥоруутун саҕалыыр туһунан быһаарыыга илиитин баттаабыт.
Бүгүн көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ уонна үрүҥ көмүс призера, ССРС үтүөлээх тренерэ, Дьокуускай куоратын уонна Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо Роман Дмитриев, норуот мэдиссиинэтин маҕыыстыра, норуот эмчитэ, уопсайа 40 тыҺыынча кэриңэ киҺини эмтээбит, атаҕыгар туруорбут Уус-Алдан улууһун Ытык олохтооҕо Гурий Турантаев олохтон күрэммит күннэрэ.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Билиминэн дьарыктанар дьахталлар уонна кыргыттар дойдулар ардыларынааҕы күннэрэ
- Аан дойдутааҕы ыарыһах күнэ
- Япония — Ил олохтоммут күнэ
- Азербайдьан — Нолуок сулууспатын үлэһиттэрин күнэ
- АХШ — Айааччы национальнай күнэ
- Пилипиин — Эвелио Хавьер күнэ
- ЕС — 112 суһал нүөмэр күнэ
- Велес Күнэ — кыһын ортото.
Түбэлтэлэр:
- Б.Э.И. 660 — Дьоппуон бастакы импэрээтэрэ Дзимму ил тэрийбит. Кини олохтообут династията билигин даҕаны Дьоппуону баһылыыр.
- 1697 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I табаҕы атыылыыры көҥүллээбит.
- 1775 (урукку стилинэн тохсунньу 31) — Иркутскай-Дьокуускай траагын Саха сиринээҕи өттүн икки учаастакка араарбыттар: Битиимтэн Өлүөхүмэҕэ диэри уонна Өлүөхүмэттэн Дьокуускайга диэри. Хас биирдии учаастакка туспа көрөөччү (смотритель) ананар буолбут.
- 1809 — Америка айааччыта Роберт Фултон борохуоту патеннаабыт.
- 1889 — Дьоппуон импиэрийэтин конституцията ылыллыбыт. Дьоппуон конституциялаах монархия буолбут.
- 1943 — Иосиф Сталин Сэбиэскэй Сойууска атомнай бомба оҥоруутун саҕалыыр туһунан быһаарыыга илиитин баттаабыт.
- 1990 — Соҕуруу Африкаҕа дьон бырааптарын туһугар турууласпыт активист Нельсон Мандела түрмэ хаайыытыттан 27 сыл буолан баран босхоломмут. Сотору кэминэн кини Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта.
- 1997 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү уордьана «Хотугу сулус» уордьан Ил Түмэн ПП 418-I нүөмэрдээх уурааҕынан олохтоммут.
- 2007 — Түркменистааҥҥа бэрэсидьиэн быыбарыгар Гурбангулы Бердымухамедов 89,23 % куолаһы ылан кыайбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1847 — Томас Эдисон — Америка аатырбыт айааччыта уонна урбаанньыта.
- 1929 — Валентин Луковцев — профессор, философия дуоктара.
- 1944 — Василий Бочкарёв — саха скульптора.
- 1981 — Георгий Куркутов — саха бэлиитигэ.
Өлбүттэр:
- 1650 — Рене Декарт — биллиилээх Франция бөлүһүөгэ уонна физигэ. Математика, физика уонна философия араас уобаластарыгар кинигэлэр ааптардара.
- 1948 — Сергей Эйзенштейн — сэбиэскэй тыйаатыр уонна киинэ режиссера, худуоһунньук, сценарист, ускуустубаны чинчийээччи, педагог. РСФСР ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ (1935 сыл).
- 2010 — Роман Дмитриев — көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ (1972 Мюнхен) уонна үрүҥ көмүс призера (1976 Монреаль), норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, ССРС үтүөлээх тренерэ, Дьокуускай куоратын (1969) уонна Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо, «Хотугу сулус» уордьан кавалера (2006).
- 2017 — Гурий Турантаев — тыыл уонна улэ бэтэрээнэ, норуот мэдиссиинэтин маҕыыстыра, Уус-Алдан улууһун (2001) уонна Бээрийэ нэҺиэлиэгин Ытык олохтооҕо.