Бүгүн Саха сиригэр арҕаа, соҕуруу, илин кыра хаардаах, Халыма — Индигир оройуоннарыгар сорох сирдэринэн орто хаар, өрөспүүбүлүкэ атын сирдэригэр үксүн сөҥүүтэ суох. Ол туһунан УГМС иһитиннэрэр.
Тыал орто, Булуҥ, Анаабыр оройуоннарыгар сорох сирдэринэн күүһүрэр кэмигэр 9-14 м/с диэри тыаллаах, буурҕа.
Бүгүн күнүс -25…-30 °C, арҕаа -30…-35 °C, хотугулуу-илин уонна хотугулуу-арҕаа -35…-40 °C, соҕуруу -15…-20 °C, Халымаҕа -20…-25 °C.
Дьокуускайга сарсыарда туман, арҕааттан тыллаах 1-4 м/с. Күнүс -29…-31 °C.
This post was published on 10.02.2026 08:01 08:01