Олунньу 1 күнүттэн Россияҕа «Ийэ хапытаала» уонна да атын босуобуйалар 11,9%-нан индексацияланаллар. Ол туһунан Госдуума спикера Вячеслав Володин эттэ.
Бастакы оҕоҕо төлөбүр кээмэйэ 587 тыһ солк, иккискэ − 775,6 тыһ солк. Өскө ыал эрдэ «Ийэ хапытаалын» туһаммыт буоллаҕына, иккис оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр харчы суумата 188,6 тыһ солк эбиллэр.
Маны сэргэ оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр биир кэмнээх босуобуйа суумата улаатар — 22 909 солк буолар, оҕону көрөн олоруу алын кээмэйэ 7 925 солк тэҥнэстэ.
Дойду үрдүнэн олунньу 1 күнүттэн 40-тан тахса социальнай босуобуйа, төлөбүрдэр уонна компенсация эбиллэр. Балар МРОТ-ка сыһыарыллыбаттар уонна тохсунньуга индексацияламматахтара.
This post was published on 30.01.2023 17:26 17:26