Олунньу 1 күнүттэн бары социальнай төлөбүрдэр, босуобуйалар, компенсациялар 4,9 бырыһыан индексацияланыахтара, суруйар «Парламентская газета».
Оҕо босуобуйата уонна бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, инбэлииттэрэ, Сэбиэскэй Сойуус уонна Россия дьоруойдара, радиация содулугар түбэспиттэр уонна да атын чэпчэтиинэн туһанааччылар ылар босуобуйалара (ЕДВ) үрдүүр.
I группалаах инбэлииттэр ыйга — 4087 солк, II группалаахтар уонна оҕо саастарыттан инбэлииттэр — 2919, III группалаахтар — 2337.
Аҕа дойду улуу сэрииитин кыттыылаахтара — 4378 солк, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ — 3212 солк, олохтон туораабыт бу категориялар дьиэ кэргэттэрин үлэлээбэт чилиэттэригэр — 1753 солк.
Биир кэмнээх оҕону ииттэ ылыыга босуобуйа кээмэйэ эмиэ үрдүүр. Маны сэргэ балтараатыгар диэри саастаах оҕону көрүүгэ көрүллэр ыйдааҕы босуобуйа, сулууспалыы сылдьар байыаннай сулууспалаах оҕотугар көрүллэр босуобуйа, Чернобыль эргимтэтигэр төрөөбүт уонна онно балтараатыгар диэри олорор оҕоҕо көрүллэр босуобуйа үрдүүллэр.
«Сокуоҥҥа олоҕуран бу төлөбүрдэр ааспыт сыллааҕы инфляцияҕа сөп түбэһиннэрэн индексацияланаллар», — диэн «Парламентская газета» хаһыакка социальнай бэлиитикэҕэ Федерация Сэбиэтин кэмитиэтин бэрэстээтэлин солбуйааччыта Елена Бибикова интервьютугар эттэ.
This post was published on 01.02.2021 12:01 12:01