Киһи ону-маны ырыҥалыыр, толкуйа тобулар буолуоҕуттан, халлаан куйаарын устун көтөр кынаттаах курдук көтүөн баҕарара, санаата ыраах сулустарга тиийтэлиирэ. Кынат оҥостон кый үрдүккэ көппүт Дедал уонна Икар тустарынан былыргы гректэр мифтэрин билэбит. Киһи-аймах үтүмэн сылларга ыра буолбут дьулуһуутун урукку биһиги улуу дойдубут — Советскай Союз олоххо киллэрбитэ. Космонавтика киһи-аймах сайдыытыгар саҥа саҕахтары арыйбыта. Советскай гражданин, маҥнайгы космонавт Ю.А.Гагарин космоска көппүтэ 55 сылын туолла.
Космонавтика наука муҥутуур чыпчаалын быһыытынан сыаналанар, манна үгүс-элбэх өркөн өйдөөхтөр, талааннаахтар күүстэрэ-кыахтара туһаайыллар, судаарыстыбалар космоһы чинчийэргэ, баһылыырга үтүмэн үбү ороскуоттууллар. Бу эйгэ байынннай суолталаах эрэ буолбакка, наука уонна техника сайдыыларыгар улахан төһүү буолбутун, норуот хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүҥкэн оруолун ким баҕарар өйдүүр.
Улууспутуттан манна кыттыгастаах чулуу дьонноохпутунан ньурбалар улаханнык киэн туттуохпутун сөп. Саха норуотугар чаҕылхай дьону: Советскай Союз Геройун Н.Н.Чусовскойу, уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна партийнай деятель А.Г.Габышевы уо.д.а. биэрбит Куочай Эбэ Хотунтан дойду бастакы космонавтарын үөрэтиспит учуутал тахсыбыта. Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Москва, Сталинград оборонатын кыттыылааҕа Габышев Иван Пантелеймонович (1921-2001 сс.) 1950 сыллартан Москваҕа Байыаннай Салгыннааҕы Академияҕа (академия Ю.А.Гагарин аатын сүгэр) саҕалаан, өр сылларга үрдүкү математика ыстаарсай преподавателинэн үлэлээбитэ. ССРС уонна атын социалистическай дойдулар элбэх космонавтарын үөрэппитэ.
Малдьаҕартан төрүттээх техническэй наука доктора, Москватааҕы судаарыстыбаннай авиационннай институт (МАИ) сүрүннүүр научнай үлэһитэ, профессор, 67 саастаах Семенов Василий Васильевич убаҕас уматыгынан үлэлиир ракета двигателлэрин теориятын эйгэтигэр үрдүк бэлэмнээх специалист быһыытынан биллэр. Кини 1973 с. МАИ-ни үөрэнэн бүтэриэҕиттэн, уларыйа сылдьар салгын баттааһынын усулуобуйатыгар сиртэн стартыыр аныгы кыахтаах ракета двигателлэрин тупсарарга үлэлэһэр. МАИ научнай үлэһиттэрин кытта бииргэ 27 саҥаны айыы оҥоһуллан авторскай сибиэдиэтэлистибэ уонна патент ылыллыбыта, итинтэн 5-һэ промышленнай производствоҕа туттуллан барбыта. Итини таһынан В.В.Семенов рельефнэй тутуллаах реактивнай двигатель соплотун тас өттүнэн сүүрээни халтарытыы соругун быһаарбыта. Итинэн кини газовай динамика классига академик Г.Г.Чернай идеяларын уонна балаһыанньаларын салгыы тупсарбыта уонна сайыннарбыта.
2001 с. МАИ Учуонай Сэбиэтигэр техническэй наука докторын диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кини кыттыһан 3 үөрэх пособиетын суруйда, 50-тан тахса научнай үлэ уонна 27 саҥаны айыы ааптара, «ССРС саҥаны айааччыта» («Изобретатель СССР») бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Ньурба 1 №-дээх оскуолатын выпускнига, полковник, РФ үтүөлээх байыаннай специалиһа, байыаннай наука кандидата, Россия бочуоттаах радиһа Иванов Валентин Капитонович 1967 с. ССРС икки төгүллээх Геройа летчик-космонавт В.М.Комаров аатынан Ейскэйдээҕи үрдүкү байыаннай авиационнай училищены истребительнэй-буомбалыыр авиация летчик-инженерэ идэлээх бүтэрбитэ. Забайкалькайдааҕы байыаннай уокурукка сулууспалаабыта. 1972-1975 сс. Ю.А.Гагарин аатынан Байыаннай Салгыннааҕы академияны (И.П.Габышев үлэлээбит академията) кыһыл дипломунан бүтэрэн баран, сэриини салайыы кафедратыгар күнүскү адъюнктураҕа хаалларыллыбыта. Байыаннай наукаҕа кандидатскай дисстертациятын көмүскээн баран бу академияҕа 1984 с. диэри ыстаарсай преподавателинэн үлэлээбитэ. 1984 с. Байыаннай-Салгыннааҕы күүстэр кылаабынай штабтарыгар ылыллан, оперативнай салайыы ыстаарсай офицерыттан бойобуой салайыы автоматизированнай систиэмэлэрин уонна средстволарын управлениетын начальнигын солбуйааччытыгар тиийэ үүммүтэ. В.К.Иванов сэриилэри уонна салгынынан сырыыны салайыы теориятын уонна практикатын эйгэтигэр Байыаннай-Салгыннааҕы күүстэргэ биир бөдөҥ учуонай быһыытынан биллэр, «ССРС Сэбилэниилээх күүстэригэр Ийэ дойдутугар сулууспатын иһин» III истиэпэннээх уордьанынан уонна 13 мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
В.В.Семенов уонна В.К.Иванов иккиэн Москваҕа олороллор, бэйэлэрин научнай эргимтэлэригэр улаханнык биллэр дьон. Суруналыыс И.Неустроев атын сиргэ баран араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбыт тустарынан бэртээхэй кинигэтин «Саха сатаабатаҕа суох» диэн ааттаабыта. Чахчы даҕаны оннук. Бу суруллубут 3 дьоммут үлэлэрэ-хамнастара толору кэрэһилиир. Онон маннык дьонноохпутунан киэн туттуох эрэ тустаахпыт.
This post was published on 12.04.2016 18:57 18:57