Ким эрэ “сааһылааһын барыахтаах”, ким эрэ “сиикэй платформа” диэн санаатын үллэстэр. Үгүс төрөппүттэр платформаны туһанан көрө иликтэрин быһыытынан, соччо-бачча билбэттэр.
Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова үөрэх эйгэтин управлениетын салайааччыларын, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна орто анал үөрэх кыһаларын дириэктэрдэрин кытта “Сферум” үөрэх информационнай-коммуникационнай платформаны олоххо киллэрии боппуруоһун ырытыспыттарын туһунан иһитиннэрэр.
“СӨ үөрэҕин тэрилтэлэригэр тустаах платформаны туһаныыны уонна олоххо киллэриини ураты хонтуруолга ылыыны РФ Үөрэҕириигэ миниистирэ С.С. Кравцов сорудахтаабыта уонна “Электроннай үөрэтиигэ, тэйиччиттэн үөрэх технологиятын туһанан үөрэтэр тэрилтэлэр туһанар быраабылаларын бигэргэтии туһунан” РФ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыл алтынньы 11 күнүнээҕи 1678 №-дээх уурааҕар суруллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр платформаны туһаныы намыһах, педагогтар саамай аҕыйаабыта 10% туһаныахтаахтарын оннугар 3 %, үөрэнээччилэр 15-25% диэри туттуохтаахтарын оннугар 17,1% туһаналлар. Бу сүрүн төрүөтүнэн салайааччылар аҕыйахтык туттуулара уонна педагогическай үлэһиттэргэ итиэннэ төрөппүттэр уопсастыбаннастарыгар иһитиннэриини тириэрдиилэрэ ситэтэ суоҕар буолар.
Мунньахха үөрэх эйгэтин управлениеларын начаалынньыктара, идэҕэ бэлэмниир үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара уонна судаарыстыбаннай үөрэх тэрилтэлэрэ улуустарга платформалары туһаныыларын уонна намыһах көрдөрүү төрүөтүн туһунан дакылааттарын иһиттибит.
“Сферуму” ситиһиилээхтик туһаныыларын Өлүөхүмэ улууһун А.Л. Бахсыров аатынан Кыыллаах орто оскуолатын дириэктэрэ Иннокентий Иннокентьевич Малгаров уонна Мииринэй оройуонун 15-с нүөмэрдээх орто оскуолатын учуутала Мария Вадимовна Александрова кэпсээтилэр. Эрэгийиэннэри кытта үлэ хайысхатын салайааччыта Артем Придорожнай тиэхэньиичэскэй ыйытыыларга хоруйдаата” – диэн миниистир суруйар.
Миниистир салайааччыларга олохтоох мессенджери киллэриини ураты хонтуруолга ылалларыгар, тус бэйэлэрэ үөрэтэллэригэр уонна туһаналларыгар, үлэһиттэр уонна тэрилтэлэр үлэлэрин тэтимирдэллэригэр сорудахтаабыт, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 29.02.2024 15:26 15:26