23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Олохтоох салайыныы: Эбээн-Бытантай улууһун баһылыга Гаврил Горохов интервьюта

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2018 с. балаҕан ыйын 9 күнүгэр дойду үрдүнэн араас таһымнаах быыбардар буолан ааспыттара. Эбээн Бытантай национальнай улууһа баһылыгын дуоһунаһыгар норуот куоластааһынын түмүгүнэн Гаврил Горохов талыллыбыта. 


Сыл устата Эбээн Бытантай улууһун баһылыгын дуоһунаһыгар үлэтин-хамнаһын туһунан Гаврил Гаврильевич Горохов маннык кэпсиир.

— Үтүө күнүнэн, биир дойдулаахтарым! Сыл анараа өттүгэр эһиги эрэлгитин ылан улуус баһылыгынан үлэлии сылдьабын. Бүгүҥҥү күҥҥэ сыл устата ыытыллыбыт үлэни — хамнаһы анааран көрдөххө маннык. Нэһилиэнньэбит ахсаана аҕыйах эрээри, олох — дьаһах сайдыылаах, нэһилиэнньэ олоҕо уйгулаах буоларыгар туох баар өйбүтүн — санаабытын, күүспүтүн, билиибитин ууран үлэлиирбит тоҕоостоох. Бастатан туран, биһиги улууспут тыа хаһаайыстыбатын улууһа буоларын быһыытынан сүрүн болҕомто бу салааҕа ууруллар, ууруллуохтаах. Ол курдук, табаны, ынах сүөһүнү, сылгыны тэҥинэн тутар улуус өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох буолабыт. Ааспыт, 2017-2018 сс. таба иитиитигэр хаалыы тахсар эбит этэ. 2019 сыл саҥатыгар таба ахсаана 13 137, мантан тыһы табата — 6075 эбит буоллаҕына, балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн 14327 тэҥнэстэ. Мантан тыһы табата — 6 534 төбө. Ол эбэтэр, табаҕа 8,3% элбээһин баар.
Быйыл бу салааҕа улахан үлэни ыыттыбыт. Ол курдук, күһүн улахан сүбэ мунньах ыыппыппыт, манна МУСП «Ленинскэй» 6 ыстаадатын салайааччылара, тустаах үлэһиттэр бары кыыттыыны ылбыттара. Онно субвенция туһунан сиһилии быһааран биэрбитим. Ол эбэтэр, бу судаарыстыба өйөбүлэ чопчу толоруллубут үлэҕэ анаммыт харчы буоларын. Онон, ким хайдах үлэлиир, былаанын толорор да онно көрөн тыырыллар үп. Урукку өттүгэр субвенция харчыта аадырыстаммыт өйөбүл курдук, үлэ түмүгэ суох бэриллэ турбут. Ол түмүгэр, учуот оҥоһуллубатах, манна үп министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ кэлэ сылдьан ыйыы оҥородулар. Онон, мантан инньэ былаанын толорботох табаһыттарга субвенция харчыта көрүллүбэт буолар. Маны тэҥэ ыстаадаларга барыларыгар гааһынан үлэлиир оһохтору, баллоннары ылан биэрдибит, илдьэн туруоран биэрбиппит. Табаһыттарбыт олус абыраммыттарын этэллэр. Балаҕан ыйыгар, табаны чиптээһиҥҥэ пилотнай бырайыакка кыттыһабыт. Таба чиптээх буоллаҕына, спутник нөҥүө табаһыт дьиэтиттэн олорон кэтиир, маныыр кыахтанар. Маны таһынан, бу чипкэ ким табата, хаһан төрөөбүтэ о.д.а. барыта компьютерга киирэр. Бу мин саныахпар олус үчүгэй бырайыак. 2020 сылтан чиптээһин бары сүөһүгэ киириэхтээх.

Ынах сүөһүгэ эбиллии баар. Саҥа хотон үлэҕэ киирбитэ түмүктээх. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр 946 хороҕор муостаахпыт, мантан ыанар ынаҕа — 312. Бу 19,87% элбээһини көрдөрөр. Быйыл 70% -н төрүөҕү ылан олорообут, үүт — сүөгэй дэлэйдик нэһилиэнньэҕэ атыыланна. Манна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үүт аһы оҥорон таһаарар сыах боппуруоһун туруордубут, элбэх кэпсэтии, үлэ түмүгэр бу сыаҕы биэрэбит диэтилэр. Оччотугар, саха ынаҕын үүтүттэн йогурт, кефир о.д.а. оҥоруохтаахпыт. Саха ынаҕар козаны ыыр тэрил барсар эбит диэн Барнаултан сакаастаан боруобалаатыбыт. Оскуолаларга саха ынаҕар анал ыыр тэрил чинчийии үлэтин ыытыҥ, «Инникигэ хардыы» научнай — практическай конференция сорудаҕынан туруоруҥ диэн этэн турабын. От хампаанньатыгар быйыл хайа да сыллардааҕар элбэх тиэхиньикэни үлэлэттибит. Кураан дьыл буолан от үүнүүтэ мөлтөх эрээри, уу сүнньүнэн баар, оту күүскэ ыллыбыт диэххэ сөп. Ынах сүөһү иитиитигэр этиилэри Арктика сайдыытын стратегическэй сессиятыгар киллэрэн турабыт. Ынах сүөһүгэ дотация 30 тыһ.солк. көрүллэр эбит буоллаҕына, 2020 сылтан дотация кээмэйэ 40 тыһ.солк. тэҥнэһиэҕэ. Стратегическай сессияҕа биһиги ынах сүөһүгэ сааһыттан тутулуга суох дотацияны көрүөххэ диэн туруордубут. Бу саха ынаҕын иитиитин сайдыытыгар төһүү өйөбүл буолуо диэн. Быйыл кураан дьыл буолан от үүнүүтэ мөлтөх соҕус. Биһиги манна баар тиэхиньикэни барытын үлэлэтэн, туһанан бүгүҥҥү күҥҥэ 72% -ны уопсай былаантан ылан олоробут. Кустуурга былаан 74% туолла. Оттооһуҥҥа ГП ГБУ «Бытантай» 1 туоннатыгар 7 тыһ.солк. мэктиэлиир эбит буоллаҕына, манна нэһилиэктэрбит эбии харчы көрөн оттооһуну көҕүлүүллэр. Ол курдук, Дьарҕаалаахха 1 туонна окко эбии 3 тыһ.солк., Кустуурга эбии 2 тыһ.солкуобайы көрөллөр. Быйыл сайын окко тахсар киһиэхэ генофонднай питомник 35 тыһ.солк. хамнаһы эрэннэрбитэ, маны таһынан аһын хааччыйыытын бу тэрилтэ эмиэ бэйэтигэр ылыммыта. Ол эрэн, ситэ өйдөтүү ыытыллыбакка, баҕалаах дьон хойутаата.

Сылгыга көрүллэр харчыта эмиэ олус кыра. Бу боппуруоһу эмиэ Арктика сайдыытын стратегиятын сессиятыгар, Уһук Илин сайдыытын министиэристибэтигэр туруордубут. Ол эбэтэр, хоту сиргэ сылгыны иитиини таба гиэнин кытта бииргэ тутан өйөбүлү олохтуурга диэн. Быйыл сылгыга эбиллиилээхпит. Сыл саҕаланыыта 1898 төбөлөөх эбит буоллахпытына, балаҕан ыйын 1 күнүгэр 2127 сылгы сүөһүлээхпит, мантан 823 -һэ биэ, 10,7 % эбиллибит. Инникитин, сылгы иитиитигэр болҕомтону ууран, туһунан бааса, усулуобуйа тэрийэр баҕа санаалаахпын.

— Суол-иис, авиация туһунан көрүүлэргит?

— Халлаан сырыытын айанын ороскуотугар чэпчэтиини көрүҥ, диэн туруорсубуппут. Москва, Питер куораттарга сылдьаммын, Уһук Илин уонна Арктика сайдыыларыгар министиэристибэҕэ сылдьыбытым. Олег Соляков көрсүбүтэ, кини миниистир солбуйааччыта. Онно, холобурдаан этэн турабын, орто үлэһит киһи 32 тыһ.солк. хамнастаах буоллаҕына, Дьокуускайга диэри биир өттүгэр бырайыас сыаната 20 тыһ.солк. тэҥнэһэр диэн. Сэбиэскэй кэм саҕана биир ыйдааҕы хамнаска соҕуруу баран кэлиэххэ сөптөөх буолара диэн. Онон, бу боппуруоһу ылсан үөрэтэргитигэр, чэпчэтиини көрөргүтүгэр диэн боппуруоһу туруорбутум. Арктическай улуустарга хамнас кээмэйин улаатыннаран, дьон хоту үлэлии кэлэрин тэрийиэххэ диэн этии быһыытынан киллэрбитим. Билиҥҥи кэмҥэ, быраастарга анал бырагырааманан сүрдээх үчүгэй өйөбүл баар. Маннык өйөбүллэргэ улуустан бырагыраама көрөргө үппүт — харчыбыт суох.

Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сырыыбыт эмиэ мөлтөх. Кыһыҥҥы суол бүттэр эрэ, халлаан туругуттан тутуллабыт. Арктическай улуустарга аэросани, уу суолун тырааныспарын туһанарга диэн этии киирбитэ сессияҕа. Бу биһиги улууспутугар эрэ буолбатах, хоту, ыраах улуустар бары кыһалҕалара буолар. Манна, бу тиэхиньикэлэр чинчийиини ааһан, кыаҕын ылар эбит диэн буоллаҕына, дотация биирдэ тохтуохтаах.
Бу күннэргэ ыстаадалартан оҕолору таһар бөртөлүөт кэлэн ыйыллыбыт маршруту барытын толордо. Бэйэм көтүһэ сырыттым, хайдах сырыыны учуоттуурун ааҕан маршрутнай хронометраж оҥордубут. Үс ыйыллыбыт маршрукка 8 чаас иһигэр сырыттыбыт, баар оҕону барыларын аҕаллыбыт. Манна экипаж хамандьыыра сүрдээх билиилээх пилот Александр Владимирович Литовченко салайда. Сылдьыбыт ыстаадаларбыт дьоно олус үөрэ көрүстүлэр. Биһиги кинилэргэ дьаһалта аатыттан кэһии дьааһыктары бэлэмнээн, «Бытантай уоттара» хаһыат нүөмэрдэрин илдьэн туттардыбыт.

Туһаныллар сир баайа биһиэхэ элбэх. Сир баайын, сиртэн ылыллар матырыйаалы туһанан хайдах баҕарар сыл төгүрүк туһаныллар суолу оҥорор кыахтаахпыт. Бу күннэргэ квадроцикл Баатаҕайтан Саккырыырга диэри кэлэн турар. Ол аата суол баарын, үчүгэйин көрдөрөр. «Арктика суоллара» тэрилтэ Дьааҥы улууһун кытта кыраныыссаҕа диэри суолу астарда. Суол туруга олох үчүгэй диэн этэллэр. Төгүрүк сыл туһаныллар суол киирэрэ наһаа наадалаах. Суолунан хааччыллыы баар сиригэр эрэ сайдыы хардыытын ситиэххэ сөп.

— ОДьКХ-ны өр кэмҥэ салайбыккыт. Бу салааҕа туох үлэ барда?

— Биир сыл буолла ОДьКХ салаатын салайыыттан тохтообутум. Ол да буоллар, бу тэрилтэ эдэр салайааччылара сүрдээх үчүгэйдик үлэни тэрийэн ыыталлар. Кэллэктиип баар, биир киһи курдук үлэлииллэр. Ити курдук ханнык баҕарар тэрилтэҕэ буолуохтаах. Салайааччы тахсан барда диэн ыһыллыы — тоҕуллуу суох буолуохтаах. Биһиги бэйэбит олохтоох оҕолорбут бу салааҕа билиилээх — көрүүлээх исписэлиистэр буолан үлэлии сылдьаллар. Бу оҕолор үөрэнэ сылдьар кэмнэригэр биһиэхэ быраактыкаларын ааһан, үлэлээн үүнэн таҕыстылар. Инженернай састаап толору баар, толору тэхиниичэскэй докумуону, ханнык баҕарар балаһыанньаны быһаарар кыахтаахтар. Хочуолунайдар оператордара эмиэ бары анал үөрэҕи ааспыт дьон үлэлииллэр. Онтон биһиги үөрэбит эрэ. Билигин тэхиниичэскэй анал тэрилинэн хааччыйыы күүскэ киирдэ. Холобур, лазернай тепловизор диэн баар, ол тэрили туттан ханнык баҕарар ититэр ситим хайдах үлэлиирин, дьиэ ис тас өттө сылааһынан хайдах хааччылларын быһаарыахха сөп. Маны таһынан ититэр ситим иһинэн төһө уу дьиэҕэ киирэрин лазер нөҥүө көрөн гидравлическай учуоттааһыны оҥороллор. Инник ааҕыы түмүгэр шайба туруоруллан, сылаас дьиэлэргэ биир тэҥник, уһук ыраах дьиэлэргэ тиийэрин ситиһии тахсар. Бу тэхиниичэскэй ирдэбил буолар.

Былырыын быыбар хампаанньатын саҕана Дьарҕаалаахха хочуолунай тутуохпут диэн этэн турабын. Быйыл сайын устата 1,5 мгВт кыамталаах хочуолунай номнуо тутуллан түмүктэннэ. Сотору кэминэн үөрүүлээх быһыыга — майгыга хочуолунай үлэҕэ киирбитин бэлиэтиэхпит. Бу хочуолунайга 5 социальнай эбийиэктэр, 52 чааһынай дьон дьиэлэрэ холбонуохтара. Маны таһынан кыра нэһилиэккэ үлэ миэстэтэ арыллар. Хочуолунай маһынан (на щепах) оттуллар. Биһиги ааҕыыбытынан 2500 м3 мас бэлэмнэниллиэхтээх, бу сыллааҕы кээмэйэ. Сүрдээх түргэн кэмҥэ, бэйэбит ыччаттарбыт исписэлиис быһыытынан билиилэрин — көрүүлэрин өҥөлөрүнэн бу хочуолунай тутуллан таҕыста диир тоҕоостоох. Ол курдук, бэйэбит уолбут Аммосов Егор Иннокентьевич, кини ГУП ОДьКХ «Дирекция строительства объектов» биир билиилээх исписэлииһэ, биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт үлэлэстэ.

— Сорох улуустарга олохтоох нэһилиэнньэ кииҥҥэ көһөн барыыта бэлиэтэнэр. Манна биһиэхэ хайдаҕый? Үлэнэн хааччыллыы, каадыр боппуруоһа. Социальнай эбийиэктэр тутууларыгар туох үлэ ыытылларый?

— Хоту улуустарга, холобур Тиксигэ сэбиэскэй кэм саҕана 18 тыһ. киһи нэһилиэнньэлээх эбит буоллаҕына, билигин Булуҥ улууһугар баара — суоҕа 8 тыһ. кэриҥэ киһи олорор. Ити курдук промышленнай хоту улуустарга нэһилиэнньэ ахсаанын аччааһына күүскэ тахсыбыт. Биһиги улууспутугар 1995 сыллаахха 3005 киһи олорбут, онтон бүгүҥҥү күҥҥэ статистика көрдөрүүтүнэн 2850 нэһилиэнньэлээхпит, наһаа улахан көҕүрээһин суох. Киһиэхэ олорор усулуобуйаны тэрийиигэ болҕомтону уурарга кыһаллабыт. Ол курдук, быйыл ыччат министиэристибэтин кытта үлэлэһэн устудьуоннар тутар этэрээттэрэ кэлэн үлэлээтилэр. Кинилэр 25 доруобуйатыгар хааччахтаах уонна соҕотох олорор кырдьаҕастарбытыгар улуус киинигэр толору хааччыллыыны киллэрдилэр. Бу толору хааччыллыы тэриллэрин, матырыйаалларын барытын улуус дьаһалтатынан ылан кыһыҥҥы суолунан тиэйтэрбиппит. Салгыы толору хааччыллыы дьиэ аайы киирэрин ситиһэргэ үлэни былаанныыбыт.
«Комплексное развитие сельских территорий» диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн 2026 сылга диэри үлэлиэхтээх. Манна 640 мөл.солкуобайдаах бырагыраама оҥорон киллэрбиппит. Ол эрэн, ПСД-га (проектно — сметная документация) иҥнэн оскуола тутуута уонна култуураҕа автобус ылыыта эрэ киирдилэр. 2020 сылга улуус киинигэр таас оскуола тутуутун ситэрэри былаанныыбыт. 43 мөл.солк. сууммаҕа фундамент толору оҥоһуллан турар. 8 мгВт кыамталаах киин хочуолунай тутуллан үлэлии турар. Хас биирдии улуус олохтооҕо, тэрилтэлэр салайааччылара миэхэ кэлэн улууспут социальнай — экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көрүүлэрин, этиилэрин киллэриэххитин сөп. Хас биирдии киһини болҕойон истэргэ бэлэммин.

Бу күннэргэ аэропортан тахсыыга, биир көстөр сирбитигэр «Аллея славы» оҥоһуллан, көҕөрдүү үлэтин ыыттыбыт. Манна сылтан сыл аайы сибэкки олордон, күөҕүн эбэн улууспут киинэ күөҕүнэн чэчирии турарын ситиһиэхпит. Салгыы сквер оҥорор былаан баар. Бу скверга улууска үлэлээн — хамсаан, кылааттарын киллэрбит үтүө дьоммутун кэрэһэлиир мемориальнай истиэнэ курдук туруорар санаалаахпыт. Хас биирдии киһи олорор улууһун, төрөөбүт дойдутун устуоруйатын билиэхтээх, үтүө дьоммут ааттарын — суолларын умнуо суохтаахпыт.

— Айылҕа харыстабыла биир тыын боппуруос буолар. Хоту сир дьоно-сэргэтэ барытын айылҕаттан ылан аһаан — таҥнан олоробут. Манна үлэ хайдах барарый?

— Айылҕа харыстабыла тыын суолталаах. Бастатан туран, айылҕабыт, тулалыыр эйгэбит ыраас буоларыгар кыһаллыахпытын наада. Билиҥҥи кэмҥэ кытыы нэһилиэктэр ыраастык туттан олороллор. Быйыл кытаанах бөх — сыыс бырагырааммата үлэлээтэ. Тохсунньу ыйга региональнай оператор салайааччыта Александр Александрович Данилов кэлэн үлэлээбитэ. Арктическай улуустарга кытаанах бөх-сыыс салаата ГУТ ОДьКХ улуустааҕы салаатын иһинэн үлэлиир. Бу тэрилтэ нөҥүө сааскыттан саҕалаан сүрдээх элбэх үлэ ыытылынна. Ол курдук, уопсастыбаннай сыбаалка хомуура ыытылынна. Маны таһынан, улуус дьаһалтата дуогабардаһан бөһүөлэк иһинээҕи үрүйэ ыраастааһынын ыыттыбыт. Онон, кытаанах бөх — сыыс үлэтин түмүгэ таҕыста.
Салгыы олохтоох дьаһалта ырааһырдыы үлэтин тэрийиэхтэрэ. Тупсарыныы үлэтэ олохтоох дьаһалталарынан ыытыллыахтаах. Сыл бүтүүтэ кэлэн ыытыллыбыт үлэни көрүөхтэрэ. Булт лицензиятыгар тохтоотоххо, урукку өттүгэр тайахха суох этэ. Быйыл туруорсаммыт тайах бултааһынын лицензията биһиэхэ көрүлүннэ. Арктическай улуустарга бултааһын болдьоҕун уларытыыга этиибитин Арктика министиэристибэтигэр, Уһук Илин Арктикатын сайдыытыгар министиэристибэҕэ киллэрэн туруорабыт.

Сайын устата баһаардар улахан хоромньуну оҥордулар. Ол курдук, Таала Тумса сиригэр чааһынай дьон ходуһата элбэх. От ыйын 4 күнүгэр кыра буруо тахсаатын кытта, тутатына ыксаллаах быһыы — майгы хамыыһыйатын мунньаҕын оҥорон үлэ былаанын аттарбыппыт. Улуус дьаһалтата, тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон баһаары кытта бохсууга күүскэ үлэлээтилэр. Тутатына миэрэлэр ылыллан, биир да оту сүтэрбэтибит. Дьарҕаалаахха улахан баһаар түмүгэр 27 туонна бэлэмнэниллибит, 10 туонна охсуллубут оту былдьаттыбыт. Манна «Авиалесоохрана» 19 киһилээх биригээдэтэ көмөҕө кэлэн быһаатылар. Бу нэһилиэк дьаһалтата, дьоно — сэргэтэ бары биир киһи курдук турунан уоту кытта бохсустулар. Уокка былдьаммыт от толуйуутун тыа хаһаайыстыбатын салалтата Сергей Аликов сайаапка түһэрэн министиэристибэ нөҥүө тиэйии ороскуотун толуйуохтара.

— Киһи, нация доруобуйата эмиэ биир сүрүн тыын суолталаах. Кэлиҥҥи сылларга медицинскэй үлэһит хамнаһа үрдээтэ эрээри, хоту быраастар тиийбэттэрэ улахан кыһалҕа буолла. 

— Медицинэ үлэһиттэрин хамнаһа үрдээтэ эрээри, билиҥҥи ыччат бастатан туран олорор, үлэлиир усулуобуйаны ирдиир. Биһиэхэ, туох кистэлэ кэлиэҕэй, толору хааччылыы билиҥҥи кэмҥэ суох, ол эрэн кыралаан киирэр.

— Үөрэх эйгэтэ барыбытын долгутар хайысха буолар. Манна тугу этиэххитий?

— Бу күннэргэ Кустуурга баран кэллим. Агрооскуолаҕа сылдьан хайдах курдук үчүгэйдик тэринэн, дьаһанан олороллорун хайгыы көрдүм. Сайын устата оҕуруот аһын олордон, араас сибэкки эгэлгэтин үүннэрэн туох да тупсаҕай көстүү. Оскуола остолобуойугар бэйэлэрин оҕуруоттарыгар үүннэрбит хортуоппуйдарын, биэрэстэрин, моркуоптарын туттарбыттар. Бу күннэргэ хаппыысталарын хостоору бэлэмнэнэ сылдьаллар. Үлэһиттэр наһаа көрсүөлэр, өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлии — хамсыы сылдьаллар. Бу оҕолорго үтүө холобур, сөптөөх иитии буолар. Биһиги маннык көстүүнү улуус бары оскуолаларыгар холобур гынан, үөрэх кыһалара сөпкө тэринэн үлэлииллэрин ситиһиэхтээхпит.

— Каадыр эрэсиэрбэтэ диэн баар дуо? Эдэр дьон улууска үлэ буолуохтарын сөп дуо?

— Биһиэхэ сүрдээх кыахтаах, үөрэхтээх ыччат баар. Кинилэри сөпкө ыйан-кэрдэн, аттаран биэрдэххэ улууһу салайар, тутар кыахтаахтар. Онон, каадыр суох, диэн кыһалҕа турбат.

— Гаврил Гаврильевич, түмүккэ инники былааннары кылгастык сырдата түс.

— Инники былаан элбэх. 2020 сылга улуус киинигэр таас оскуолабытын тутуутун салҕыахпыт. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү үлэ чэрчитинэн 3 элбэх кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутуохпут. Быйыл дьиэлэр тутуллуохтаах сирдэригэр чинчийии ыытыллыахтаах, ПМК түөлбэтигэр буолар. Нэһилиэктэргэ эмиэ бу бырагыраамма иһинэн элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутарга үлэлэһиҥ диэн баһылыктарга этэн турабын. Улуус бары нэһилиэктэригэр киин ититэр ситимҥэ бары дьиэлэр холбоноллорун ситиһии биир улахан баҕа санаабыт буолар. «Комплексное развитие сельских территорий» бырагыраама чэрчитинэн Кустуур нэһилиэгэр 2020 сылга хотон тутуутун былааҥҥа киирдэ. Саха сиригэр барыта 9 улууска хотон туута былааннанна. Тыа хаһаайыстыбатын салаатын инники күөҥҥэ тутан, таба, сылгы, ынах сүөһү иитиитин сайдыытын ситиһэргэ. Биир санаанан салайтаран, улууспут сайдыылаах, нэһилиэнньэ олоҕо уйгулаах буоларыгар үлэлиэххэ — хамысахха!

Ааптар: Яна РОЖИНА, «Бытантай уоттара» хаһыат, Эбээн-Бытантай улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА