Бу нэдиэлэҕэ Ил Түмэн экэниэмикэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэт мунньаҕар үс судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киирэр уларыйыылары көрдүлэр. Мунньахха экэниэмикэ, тырааныспар, суол-иис, креативнай салаа сайдыытын дьүүллэстилэр, итиэннэ Өлүөнэ эбэни туоруур күргэ, Жатайга устар ааллары тутар собуот тутуутун билиһиннэрдилэр, суруйда Саха парламент саайт.
СӨ экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов 2022 с. от ыйын 18 күнүгэр бигэргэммит «СӨ экэнэмиичэскэй сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киирэр уларытыылар туһунан билиһиннэрдэ. Бырагыраама уопсай үбүлээһинэ 2,1 млрд. солк., онтон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 1,3 млрд. солк., федеральнай бүддьүөттэн 756 мөл. солк., 20,2 мөл. солк. бүддьүөт тас өттүттэн киириэхтээх.
Ыйыллыбыт уларытыылар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 2024 с. уонна кэлэр 2025-2026 сс. бастакы чуолкайдааһын түмүгэр киирэллэр. Судаарыстыбаннай бырагыраама үбүлээһинэ олохтоох бүддьүөт суотугар 56,6 мөл. солк. улаатта. Информационнай-аналитическай хааччыйыыны тупсарар бырайыакка үбүлээһин 15,2 мөл. солк. эбилиннэ. Инвестиционнай инфраструктураны сайыннарарга үбүлээһин 12,6 мөл. солк. улааппыт. Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарарга үбүлээһин 20 мөл. солк. эбиллибит.
Ону таһынан, СӨ экэниэмикэтин министиэристибэтин уонна кини салаатыгар киирэр тэрилтэлэри үбүлээһин 2,3 мөл. солк. улаатыннарыллыбыт. Ити харчынан СӨ МФЦ салааларыгар баһаары сэрэтэр сигнализацияны саҥардыахтара. Гражданскай уонна муниципальнай сулууспаҕа үлэһиттэри бэлэмнииргэ 6,6 мөл. солк. көрүллүбүт.
Миниистир дакылаатын истэн баран сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Павел Петров судаарыстыбаннай бырагыраама үбүлээһинэ кэлэр сылларга аччыы турар түгэнигэр өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын хайдах ситиһиэххэ сөбүн сураста. Кини бүддьүөт улаатар эрээри, бырагыраамаҕа көрүллэр харчы кыччыыра өйдөммөтүн бэлиэтээтэ. 2025 с. бырагыраама үбүлээһинэ 40% аччаабыт.
Петр Попов ити сыыппара бүддьүөтү кэлэр үс сылга былааннааһын ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллубутун туһунан эттэ. Бу көрдөрүү кэлин улаатыннарыллыан сөп. 2030 с. диэри олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарарга өрөспүүбүлүкэҕэ 15 сир тэриллиэхтээх. Күн бүгүн онтон түөрдэ баар.
Хаартыска: ук.24.ru, Василий Кононов.
This post was published on 10.07.2024 10:33 10:33