Бүгүн, Дьокуускай куорат күнүгэр, олохтоох оҥорон таһаарааччылар табаардарын атыы-дьаарбаҥката тэрилиннэ. Кыайыы, Орджоникидзе болуоссаттарыгар уонна Эргэ куоракка, суруйар СИА.
Киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара олохтоох табаары кытта киэҥник билсэллэр. Бу Дьокуускай ырыынагар олохтоох оҥорон таһаарааччылар табаардарын билиһиннэриигэ уонна көрдөрүүгэ, батарыыга олус табыгастаах былаһаакка буолар.
«Бэйэм маҕаһыыннаах буолуохпун баҕарбытым хас да сыл буолла, ити эрээри ол баҕа санаабыт бу соторутааҕыта эрэ туолла. Бэйэм иһиккэ, суумкаҕа уруһуйдуурунан дьарыктанабын. Бэйэбит айан оҥоруохпутун сөп, эбэтэр атыылаһааччы сакааһынан эппит уруһуйун эмиэ оҥорон таһаарабыт. Бу суруктар-бичиктэр сууйдахха барбаттар, үйэлээхтэр», — диэтэ дьаарбаҥка кыттыылааҕа Сахаайа Солдатова.
Куонкуруска кыттааччылартан бастыҥ киэргэтиигэ эмиэ күрэх ыытыллар.
This post was published on 11.09.2022 16:29 16:29