«Олохтоох кадры бырамыысыланнаска» бырайыак өссө тэтимириэ

2020 сылтан дьарыга суох дьоҥҥо анаан үлэ миэстэтин таһаарыыга бөдөҥ хампаанньалартан ураты тэрилтэлэр эмиэ кыттыһыахтара. Бу туһунан кадры кытта үлэлиир исписэлиистэр сэминээрдэригэр эттилэр. 


«Бу сылтан, Ил Дархан сорудаҕынан, бырайыагы экономика атын эйгэтигэр, салаатыгар тэнитэр баҕалаахпыт. Тутууга, суол хаһаайыстыбатыгар, энергетикаҕа, тырааныспар комплексыгар», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Стручков.

Сэминээргэ экономика араас эйгэтигэр үлэлиир 20-тэн тахса улахан тэрилтэ кытынна. Бастакы вице-премьер бэлиэтээбитинэн, былаас уонна үлэни биэрээччи ситиһиилээх буолалларыгар кадр бэлиитикэтэ аһаҕас буолуута уонна бизнес социальнай эппиэтинэһэ, маны сэргэ судаарыстыбаннай өйөбүл механизмнара улахан оруоллаахтар.

«2020 сылга биһиги 1,2 млрд солк көрдүбүт, онтон аҥарын кэриэтэ дьарыктаах буолуу кииннэригэр үлэ көрдөөн ыйыталаспыттарга төлөбүрдэр, үөрэнэллэригэр, атын идэҕэ квалификацияланалларыгар уонна үлэҕэ киирэллэригэр усулуобуйаны оҥорууга», — диэтэ Алексей Стручков.

«Олохтоох кадры бырамыысыланнаска» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун саҥа үлэ миэстэлэригэр ылыы. Үс сыл үлэлээбит кэмигэр 16 тыһ киһи үлэлэннэ, улахан аҥара бастайаанай миэстэлэннэ.

This post was published on 28.02.2020 14:03 14:03