Саха сирин олохтоох бэйэни салайыныы уоргаттарыгар 2020 сыллааҕы Бүтүн Россиятааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга туспа судаарыстыбаннай боломуочуйалар бэрилиннилэр. СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Муниципальнай тэриллиилэргэ биэрэпис бэлэмин уонна ыытыытын кэмигэр нэһилиэнньэ туһунан сибидиэнньэлэри хомуйааччылары үөрэтиигэ уонна үлэлэтииигэ анал дьиэлэрин, миэбэллэрин бэлэмнээһиҥҥэ уонна сибээс сириэстибэлэринэн хааччыйыыга; биэрэпис кумааҕыларын харыстыырга кэтээн көрүллэр анал сир бэлэмнииргэ; тырааныспарынан уонна сибээһинэн хааччыйыы боломуочуйалара сүктэрилиннилэр.
Боломуочуйа сүктэриитин болдьоҕо — ахсынньы 20 күнэ 2020 сылга дылы.
Сиһилии https://ysia.ru/organam-mestnogo-samoupravleniya-yakutii-dobavili-gosudarstvennyh-polnomochij/
This post was published on 28.05.2020 18:01 18:01