«Олохпун ырыанан киэргэтэбин». 50 сыл сыанаҕа

Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр долгутуулаах истиҥ тэрээһин буолла. Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, өр кэмҥэ оҕо саадыгар асчытынан үлэлээбит Мария Местникова сыанаҕа ыллаабыта 50 сылын дойдулаахтара үөрэ-көтө, киэн тутта бэлиэтээтилэр.


Дьоро киэһэҕэ Местниковтар дьиэ кэргэн иэримэ дьиэлэриттэн көччөх гынан көтүппүт оҕолоро-уруулара ыраахтан-чугастан түмсэн тэрээһини үүйэн-таҥан ураты сэргэх оҥордулар. Бу күн оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр, аймахтар ийэлэрэ, эбэлэрэ, эдьиийдэрэ суруйбут ырыаларын бар дьонноругар ыллаан иһитиннэрдилэр, тойуктаатылар, үҥкүүнү-битиини көҕүлүттэн туттулар. Үөрүүлээх киэһэҕэ Мария Семеновнаны Дьокуускайтан хомусчут Ольга Подлужная, СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ Исай Брызгалов кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан Ил Түмэн государственнай мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков истиҥ тыллардаах эҕэрдэ телеграмматын туттардылар. Улуустааҕы култуура управлениетын аатыттан “СӨ култуура сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэни туттарыылара уруйунан-айхалынан арыалланна.

«Ийэбит куруук үөрэ-көтө, мичилийэ сылдьар, киэҥ көҕүстээх, кистэлэҥ күүстээх, наһаа мындыр киһи. Кини ырыалара биһигини араҥаччылыыр, сылааргыыр, санньыйар күммүтүгэр өйүүр, кэтэмэҕэйдиир күммүтүгэр өй-санаа биэрэр, көхсүбүтүн кэҥэтэр, сылаарҕаатахпытына сэниэ эбэр, ыарыйдахпытына эмтиир аналлаах курдуктар. Кыра эрдэхпитинэ ийэлээх аҕабыт барахсаттар илдьэ сылдьан куруук сүбэлиир-амалыыр, сиэри-туому тутуһуннарар үтүө үгэстээх буолаллара. Билигин ол үгэстэрин салҕаан сиэннэригэр, хос сиэннэригэр оргууй такайа сылдьаллар», — дииллэр кыргыттара.

Оҕолоро бэлиэтээбиттэринэн, Мария Семеновна сиэннэрэ кыра эрдэхтэринэ ырыаны суруйар, матыыптыыр буолбут. Ордук иэйэн тапталы, төрөөбүт айылҕа кэрэтин хоһуйарын этэллэр. Онтон сэмэй айымньытын бастакы сыаналааччынан, санаатын үллэстээччинэн аҕалара Иннокентий Григорьевич буолар эбит. Күндү киһилэрэ 50 сыл устатыгар сыанаттан түспэккэ дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрүүнү бэлэхтэспит бэлиэтигэр, оҕолоро уонна сиэннэрэ сүбэлэһэн «Кыталыктаах кырдалларбар» диэн кинигэ таһааттарбыттарын чугас аймахтарыгар бэлэх ууннулар. Манна ийэлэрин ырыалара, кэпсээннэрэ, сэһэнэ киллэриллибиттэр. Дьокуускайга «Остуоруйа дойдута» диэн 39 №-дээх оҕо саадыгар эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагогунан үлэлиир кыыстара Любовь Федорова уруһуйунан киэргэппит. Онтон улуустааҕы култуура управлениета Мария Семеновна-Сандаарар ырыаларынан «Олохпун ырыанан киэргэтэбин» диэн ааттаах компакт-дискэ таһааттарбыт.

Үөрүүлээх түһүлгэҕэ түмсүбүт ыалдьыттар сэргэхсийэн, улаханнык астынан, үөрэн махтал тыл маанытын эттилэр. Мария Семеновна өссө да айа-тута сылдьарыгар, дойдутун ааттата турарыгар баҕардылар.

Сардаана Баснаева

This post was published on 21.04.2016 17:04 17:04