Саха сирин олохтоохторо биир ый устата «Олох олорор дьол иһин махтанабын» («За счастье жить благодарю») ааксыйаҕа кыттыаххытын сөп.
Ол курдук, ыам ыйын 1-31 күннэригэр анал аккырыыккаҕа сөбүлүүр эмчиккитигэр эбэтэр эмтиир тэрилтэҕэ махтал тылларын суруйан ыытыҥ. Анал суруктаах аккырыыккалары почта сибээһин отделениеларыгар босхо биэрэллэр.
Почта отделениетыгар тиийэн, аккырыыккаҕа махтанар киһигит араспаанньатын, аатын, аҕатын аатын толору суруйаҕыт. Аккырыыкканы өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр ыытыаххытын эмиэ сөп.
Ааксыйа түмүгүнэн ким элбэх аккырыыкканы туппута, үрүҥ халааттаах аанньаллар күннэрин көрсө, бэс ыйын 10 күнүгэр, биллиэҕэ.
This post was published on 20.04.2017 11:53 11:53