Бөдөҥ политическай салайааччы, Саха АССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин депутата, I-кы уонна II-с ыҥырыылаах Ил Түмэн депутата, Ил Түмэн Бэрэстэбиитэллээх Палаататын бастакы Бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх улэһитэ Егор Ларионов «Олох кырдьыга» кинигэтин иккис туомун сүрэхтиир үөрүүлээх тэрээһинэ муус устар 5 күнүгэр буолан ааста.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын ылбыта 100, Ил Түмэн тэриллибитэ 30 сыла туолууларыгар ананан тахсыбыт Егор Михайлович Ларионов «Олох кырдьыга» кинигэтин сүрэхтэниитэ Нам улууһугар Хамаҕаттаҕа «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинигэр ыытылынна. Кинигэ 500 ахсаанынан «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ кыһатын кылаабынай редактора Борис Павлов этэринэн бу дьоһун, үйэлээх кинигэ республикаҕа аан бастаан толору суруллубут мемуарнай литератураҕа киирсэр.
«Олох кырдьыга» кинигэ түөрт түһүмэхтэн турар. Бастакы баска чулуу дьоммут М.К. Аммосов уонна И.Е. Винокуров тустарынан дакылааттар, ахтыылар киирбиттэр. Иккискэ Егор Ларионов бииргэ үлэлээбит, алтыспыт ытык дьонун тустарынан. Үһүс баска табаарыстара, доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, биир идэлээхтэрэ киирбиттэр. Төрдүскэ Егор Михайлович араас кэмнэргэ эппит этиилэрэ, дакылааттара, ыйытыыларга хоруйдара тиһиллибиттэр. Егор Михайлович бу 620 страницалаах дьоһун кинигэтин олоҕун эрэллээх аргыһыгар, таптыыр кэргэнигэр Степанида Степановнаҕа анаабыт.
Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эҕэрдэ тылыгар Е.М. Ларионов Российскай Федерацияҕа тиийэ биллэр, ытыктанар бөдөҥ бэлиитик, салайааччы буолан тахсыыта кини олоххо ураты дьулуурунан, туохха да тулхадыйбат бириинсибинэн, бэлиитик быһыытынан дириҥ өйүнэн-санаатынан, киһи быһыытынан көнөтүнэн, чиэһинэйинэн ситиһиллибитэ диэн кэпсээтэ, суруйда Ил Түмэн пресс-сулууспата.