Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар таһаҕаһы тириэрдии былаана аһары туолла

2020 сыллааҕы навигация түмүктэннэ. Саха сиригэр олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар таһаҕаһы тириэрдии былаана аһары туолла.


Арктика эргимтэтин олохтоохторо уу суолунан таһаҕаһы тириэрдии боппуруостарын олоҕу-дьаһаҕы куттала суох хааччыйыы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Местниковтан ыйыттылар.

Навигация саҕаланыаҕыттан барыта 1 мөл 83,9 тыһ. туонна таһаҕас тириэрдилиннэ, ол эбэтэр былаантан 101 % туолла.

Анаабыр, Дьааҥы, Индигирка, Халыма өрүстэринэн уонна Лаптевтар муораларынан  былааннаах 310,2 тыһ. туонна оннугар 312,9 тыһ.туонна тириэрдилиннэ.

Амманан былааннаах 30 тыһ.туонна (100%).

Алданынан былааннаах 92,3 тыһ.туонна — 93,2 тыһ.туонна (100,9%).

Бүлүүнэн былааннаах 110,9 тыһ.туонна оннугар 109,1 тыһ.туонна (98,3%).

Ленанан былааннаах 527,3 тыһ.туонна оннугар — 538,6 тыһ.туонна (102,1%).

Быйылгы навигация пандемиянан сибээстээн ыарахан усулуобуйаҕа ааста. Маны сэргэ улахан ойуур баһаардара мэһэйдээтилэр, итиэннэ Дьааҥы, Амма, Бүлүү, Алдан өрүстэргэ уу таһыма намыһаҕа харгыстары үөскэттэ.

This post was published on 28.10.2020 11:58 11:58