Олоҥхону бастыҥ толорооччуларга бириис уопсай суумата 1 мөл солк

Фото: Мария Архипова, ЯСИА

Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар саха эпоһын бастыҥ толорооччутун быһаардылар. Гран-при буолла уонна 700 тыһ солк суумалаах сертификаты Тааттаттан Алексей Николаев ылла.

Эдэрдэргэ Мэҥэ Хаҥалас бэрэстэбиитэлэ Марфа Фёдорова кыайда уонна 300 тыһ солк ылла, суруйар СИА.

Олоҥхону толорууга оҕолор, ыччат уонна улахан дьон диэн арааран сыаналаатылар. Бастыҥнар ааттарын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ биллэрдилэр. Наҕараадалары Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков туттарда.

«Мин олоҥхолуур буолбутум 10-тан тахса сыл буолла. Ити эрээри кыайыам дии санаабатаҕым. Соһуччу үөрүү буолла», — диэтэ кыайыылаах Алексей Николаев.

22 саастаах Марфа Аммосова кыайыытын күүппүт уонна эрэнэ санаабыт. «Биэс сааспыттан олоҥхолуубун, 17 сыл буолла. Онон бу кыайыым күүтүүлээх уонна кэтэһиилээх. Миигин өйөөбүт дьоҥҥо махтанабын, аймахтарбар, салайааччыларбар, төрөөбүт Мэҥэ Хаҥаласпар, дьүүллүүр сүбэҕэ, Өймөкөөн олохтоохторугар», — диэтэ кини.

Барыта 200-тэн тахса олоҥхоһут кытынна: 50-тан тахса оҕо 4 — 17 саастаахтар, 28 – эдэрдэр, 35-гэр диэри саастаахтар, 58 олоҥхоһут 35-тэн үөһэ саастаахтар.

This post was published on 03.07.2023 11:31 11:31