Олоҥхо ыһыаҕын кыыдааннаах Кыыс бухатыырынан Анна Потапова ааттанна

Олоҥхо ыһыаҕын биир туспа ураты көстүүтүнэн Кэрэ кыыһы талыы үгэскэ кубулуйда. Дьааҥылар ол сиэри тутуһан «Кыыдааннаах Кыыс Бухатыыр» куонкуруһу тэрийэн ыыттылар.


Барыта сэттэ кыыс кытынна: Уус Алдан, Бүлүү, Усуйаана улуустарыттан уонна Дьааҥыттан бааллар. Олоҥхо дойдутуттан тиийэн кэлбит курдук быһыылаах-таһаалаах, кэрэ көрүҥнээх кыргыттар биир биир сыанаҕа тахсан талааннарын, спорка дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Өй былдьаһыыта, күүһү-уоҕу да тургутуһуу түһүмэх быһыытынан киллэриллэн, дьон сэҥээриитин ылла.

Түмүккэ, Дьааҥы улууһун Эҥэ нэһилиэгиттэн төрүттээх, кооперативнай колледж 1-кы кууруһун устудьуонката Анна Потапова «Кыдааннаах Кыыс Бухатыыр » бочуоттаах ааты ылла. Кыыс суруналыыстарга иһитиннэрбитинэн, олоҥхону кыра сааһыттан толорор, спордунан утумнаахтык дьарыктанар. «Куонкуруска кыайыыбын төрөөбүт дойдубар, дьоммор-сэргэбэр аныыбын«, — диэтэ кини.

Анна олоҥхону дьааҥылыы толорбутун дьон астына кэпсиир.

Кыайыылаах кыыска «Сахабулт» нуорка саҕынньаҕы кэтэттилэр.

This post was published on 29.06.2016 09:32 09:32