Олоҥхо Ыһыаҕар уустар түһүлгэлэригэр тимир оҥоһуктар, ону тэҥэ сахалыы таҥас-сап, сылгы сиэлиттэн оҥоһуктар, сымнаҕас таҥастан тигиллибит олбохтор туруоруллубуттар

Олоҥхо ыһыаҕар үгэс буолбут саха норуотун уустарын, маастардарын быыстапката буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков маастардар көрдөрүүгэ таһаарбыт оҥоһуктарын кытта билистэ.


Быыстапкаҕа тимир оҥоһуктар, ону тэҥэ сахалыы таҥас-сап, сылгы сиэлиттэн оҥоһуктар, сымнаҕас таҥастан тигиллибит олбохтор о.д.а. турбуттар. Маны таһынан быыстапка сүрүн экспонаттарынан саха ох саалара, саха боотурун таҥаһа уонна да атыттар буоллулар.

Бэйэлэрин маастарыстыбаларын, дэгиттэр талааннарын көрдөрө Бүлүү, Нам, Эдьигээн, Амма, Таатта, Уус Алдан, Томпо, Сунтаар, Чурапчы, Үөһэ Бүлүү уонна Дьокуускай куорат уустара кэлбиттэр.

Быыстапканы кыстыгы тыаһатан Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков арыйда.

Александр Жирков быыстапка кыттыылаахтарыгар туһаайан, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар кинилэргэ саха норуотун ох саатын оҥорор чиэстээх уонна суолталаах сорук сүктэриллибитин иһитиннэрдэ. Итиэннэ быыстапка ыалдьыттарыгар саха ох саата сэрии сэбэ буоларын быһыытынан утарсыыга маҥнай сахалыы ох саалаахтар уонна куйахтаахтар урусхалланар буоланнар, XVII үйэттэн саҕалаан түргэнник сүтэн барбытын санатта.

Билигин XXI үйэҕэ чинчийээччилэр, учуонайдар этэллэринэн, өрөспүүбүлүкэбит түмэллэригэр холбоон XVIII-XIX үйэҕэ сыһыаннаах 20-чэ саха былыргы ох саата баарын бэлиэтээтэ.

Сүрүн соругу толорооччулар, саха ох саатын саҥа олоххо киллэрээччилэр – саха уустара, эһиги буолуохтааххыт”, — диэн этэн туран, Александр Жирков бу ыһыахха аан бастаан ох сааны оҥорууга уонна төһө ыраахха тэбэригэр күрэстэһии буоларын биллэрдэ.

Ох саанан күрэс олимпийскай көрүҥ быһыытынан киирэн, саха дьоно ол көрүҥҥэ инники өттүгэр ситиһиилээх буолуохтаахтар диэн баҕа санаатын үллэһиннэ.

Итиннэ даҕатан эттэххэ, быйылгыттан сaҕалаан методическай пособиелар оҥоһуллуохтаахтар, ох саа историятын, оҥоһуутун оскуолаҕа үөрэтиэхтээхтэр. “Саха оҕолоро, ыччаттара ох сааны дэгиттэр баһылыылларыгар, Олимпиадаҕа бастыҥ үрдэлгэ тахсалларыгар эһиги — уустар олук буолуоххут”, — диэн уустарга эрэлин биллэрдэ.

Быыстапкаҕа кыттар тимир уустара Бүлүү улууһун тимир урудаатыттан быһах оҥорон көрдөрүөхтэрэ”, — диэн Саха сирин тимир уустарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Роман Готовцев иһитиннэрдэ.

Быыстапканы үөрүүлээх арыйыы кэнниттэн Ил Түмэн спикерэ көрдөрүүгэ турбут оҥоһуктары көрдө. Маҥнай Александр Жирков тэрээһин сүрүн экспонаттарын — саха норуотун ох сааларын кытта билистэ.

СӨ Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл научнай сотруднига, саха ох саатын оҥорууга Саха сирин уустарын бастакы күрэстэрин жюритын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Павлов этэринэн, ох саа күрэһин бастакы түһүмэҕэ оҕу оҥоруу, онтон иккис түһүмэҕэ ол охторунан ытыы буолар. Уопсайа 14 кыттааччы иккилии, үстүү, түөртүү охтору оҥорон аҕалбыт. Иннокентий Семенович бэйэтэ саха ох саатын историятын чинчийбитэ, оҥоһуутун үөрэппитэ 10 сыл буолбут. Ол курдук саха ох саата 3, 4 хос маһы сыһыаран оҥоһуллар, маны таһынан 12 туспа чаастартан хомуллан таҥыллыбыт охтор эмиэ баар буолаллар диэн сабаҕалыыр. Биһиги өбүгэлэрбит охторун чопчулуур научнай үлэ суох буолан, дьүүллүүр сүбэ бастакы түһүмэххэ ох саалары 10 ирдэбилинэн сыаналаата.

Оҕу үөрэтээччи билиһиннэрбитинэн ол ирдэбиллэртэн биирдэстэрэ ох курааҕын оҥоһуута буолар эбит. Ол эбэтэр, ох угар тардыллар быата иҥиннэриллэр курааҕа саха киэнэ оройугар буолар.

Бу күрэххэ киирбит охтору саха оҕугар иҥэриллибит ирдэбиллэринэн сыаналаан, хайата сөпкө оҥоһуллубутун быһааран, биһиги инникитин саха оҕун оҥорууга холобур буолар үлэни талыахтаахпыт”, — диэн Иннокентий Павлов быһаарда.

Быыстапкаҕа көрдөрүүгэ турбут оҥоһуктартан Александр Жирков Дьокуускай куораттан Николай Аржаков – Боло Уус оҥорбут саха боотурун таҥаһын, оҕун, оноҕосторун, куйаҕын көрөн сэргээтэ. Маны таһынан спикер сылгы сиэлиттэн оҥоһуктарга, сахалыы оһуордаах сиэлтэн өрүллүбүт, сымнаҕас таҥастан тигиллибит олбохторго, саха таҥастарыгар болҕомтотун уурда.

This post was published on 29.06.2017 14:05 14:05