Олоҥхо Ыһыаҕар Мэҥэдьэк кымыһа, үтэһэлээх этэ уонна саха ынаҕын этэ атыыга таҕыста

Хаартыска: тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаала

Бэс 20-21 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕар “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтэ Мэҥэдьэк кымыһын, үтэһэлээх этин уонна саха сүөһүтүн этиттэн бородууксуйаны атыыга таһаарда.

Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Амма сиригэр өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан түмсэн, саха омук уус-уран тылынан айымньытын араас көрүҥэр, сахалыы атах оонньууларыгар о.д.а. күөн көрсүөхтэрэ. Саха киһитин сиэринэн күнтэн күүс-уох ылан, сайыммыт быйаҥнаах буоларын көрдөһөн, күүстээх от үлэтин иннинэ санааларын күүһүрдэллэр.

Муона чараҥар, И.А. Швердин аатынан культура уонна сынньалаҥ пааркатыгар атыы-тутуу ыытыллар сиригэр “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэ саха ынаҕын этиттэн миин, буотарах миинин амсатар. Күүскүтүгэр күүстэ эбиниҥ, доруобуйаҕытын бөҕөргөтүҥ.

Мэҥэдьэк кымыһа — “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтигэр эрэ баар. Ыраах Күөх Ньурба улууһун үс бөһүөлэгэр – Маалыкай, Малдьаҕар, Хатыы – иитиллэн турар, Мэҥэдьэк сылгы боруодата. Мэҥэдьэк биэтин ыан кымыс оҥороллор, суруйда тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаала.

This post was published on 20.06.2024 15:01 15:01