Олоҥхо ыһыаҕар хомусчуттар куонкурустарын кыайыылаахтара билиннилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар өрөспүүбүлүкэтээҕи хомусчуттар куонкурустара түмүктэннэ. Гран-при Ньурба улууһуттан Валерий Платонов буолла.

Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ Туйаара Жиркова эппитинэн, куонкуруска 50 хомусчут кытынна. Кинилэргэ 16 араас тиэмэ бэлэмнэнилиннэ. Холобурга, «Ыһыах», «Амма», «Кыталыктар үҥкүүлэрэ», «Маҥан ат» диэн дьүһүйүүлэр бааллар.

Бастыҥ хомусчутунан Ньурба улууһуттан Валерий Платонов ааттанна. Киниэхэ сертификат уонна «Олоҥхо ыһыаҕа — 24» диэн бэлиэлээх үрүҥ көмүс хомус туттарылынна.

«Мин Ньурбатааҕы «Кыталык» култуура киинигэр үлэлиибин уонна «Ньурбачаан» норуот фольклорун кэлэктиибин салайабын. Хомуска оонньообутум уонтан тахса сыл буолла. Куонкуруска сэттис сылбын кыттабын. Урукку сылларга араас номинация буоларым, бириистээх миэстэҕэ саҥа тигистим», — диэтэ кини.

Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо аймах сылларынан быйыл дьиэ кэргэн ансаамбылларынан куонкуруска кыттыы буолла. 12 ыал кытынна. Кыайыылаахтарынан Мэҥэ Хаҥаластан Кривошапкиннар буоллулар.

This post was published on 21.06.2024 16:02 16:02