Бэҕэһээ, бэс ыйын 19 күнүгэр, Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхону туруоруу, көрдөрүү «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхо-испэктээгинэн бэрт кэрэхсэбиллээхтик саҕаланна.
Саха норуодунай бэйиэтэ Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап «Нуоҕулдьун кугас аттаах тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхото уруккуттан да улахан да, кыра да сыаналартан түспэт, норуот таптыыр олоҥхото буолар. Бу да сырыыга Амма ыһыаҕын олоҥхолоох тэрээһиннэрэ Күннүк сүдү айымньытынан аһыллыбыта бэйэтэ туһунан дьиктилээх да, өйдөнөр да.
Олоҥхону киэһээ 7 ч. Алтаннааҕы, Валерий Ноев аатынан норуот тыйаатырын туруоруутугар көрдүбүт. Олоҥхо кырдьаҕас Амма Солобудатын култууратын уораҕайын сыанатыгар бэркэ табыллан, артыыстар иэйэн-куойан, саха норуотун фольклорун чыпчаалын, сүдү айымньытын тыынын көрөөччүгэ тириэртилэр. Олоҥхо уһун, араас эридьиэс былыргы архаизм тыллардаах монолуоктары тыа нэһилиэгин артыыстара кыайа-хото тутталларын сөҕө санаатым.
Сорох, кырдьык да туттуллубатахтара ырааппыт тыллар, ол гынан баран, өйдөбүллэрэ, суолталара ханна эрэ өй-санаа түгэҕэр сөҥөн сылдьан тиллэн кэлэллэрэ, хамсаан-имсээн бараллара эмиэ туһунан дьиктилээх эбит. Ол иһин да, тыа сиригэр норуот тыына харыстанар, кэскилэ бүөбэйдэнэр диэн сөпкө бэлиэтииллэр.
Олоҥхо-испэктээги туруорааччы режиссер, Алтаннааҕы култуура дьиэтин салайааччы Валерий Лобанов бу туруоруу сыанаҕа аан бастаан 2023 сылга тахсыбыта диэн испэктээк кэнниттэн, ыксал-тиэтэл быыһынан көрсүбүппүтүгэр эттэ.
— Олоҥхо ыһыаҕа биһиги туруоруубутунан саҕаламмыта мээнэҕэ буолбатах. Былырыын улуустааҕы көрүү бэстибээлгэ биһиги туруоруубут бастыҥынан биллэриллибитэ, ону бу быйыл чочуйан, ситэрэн-хоторон, эбэн биэрдибит. Тыйаатырга бэйэбит Алтаммыт олохтоохторо кытталлар. Холобур, Дьаҕарыма — Михаил Неустроев, орто оскуола программиһа, Кыыс Ньургун — Светлана Сутакова, бааһынай хаһаайыстыбалаах, Айыы бухатыыра – Сергей Захаров ыччат лиидэрэ, успуорт инструктор, Күн Чөллөрүүн — алтаннар бэйэбит кыыспыт, куоракка мээрийэҕэ үлэлиир (өрөбүллэригэр кэлэ сылдьар), Олоҥхоһут – Альберт Неустроев, тыйаатыр уус-уран салайааччыта, Симэхсин эмээхсин — оҕо кыһатын муусукаҕа салайааччыта.
Туруоруубутугар муусукатын оҥорууга, тыаһын-ууһун, уотун-күөһүн таҥыыга саҥаны киллэрэргэ дьулустубут. Холобура, Тойон Дьаҕарыма уонна Абааһы бухатыырын салгыҥҥа киирсиилэрэ туруоруубут фишката диэн көрдөрдүбүт. Сыана кэтэҕэр анал тутууга көрөөччүгэ үөһээ, аллараа дойдулар диэн тириэртибит. Дьиҥэр, 40-тэн тахса кыттааччылаах туруорууга тырааныспар кыаллыбакка барыларын аҕалбатыбыт. Маассабай сыаналарга оҕолор уонна дьахталлар ансаамбыллара кыттыбыттарын бэлиэтиэххэ наада.
Тыйаатырбыт туруоруутугар кыттыбыт дьоммутугар, артыыстарбытыгар дириҥ махталбын тириэрдэбин. Бу олоҥхо-испэктээкпитин салгыы туруорар, атын сирдэр, куорат көрөөччүллэригэр көрдөрөр былааннаахпыт. Онно успуонсардар көмөлөһүөхтэрэ, өйүөхтэрэ дии саныыбын. Саха Сирин олохтоохторун, Ыһыахха кэлбит бары ыалдьыттар ытык ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин уонна Амматтан күүс-уох ылынан, алгыстанан баралларыгар баҕарабын, — диэн олоҥхо-испэктээги туруорбут режиссер санаатын тириэрдэр.
Бүгүн Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын, сүрүн тэрээһиннэри бары долгуйа кэтэһэбит.
Ааптар: Алексей Матвеев, Саха парламент саайт.
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ
This post was published on 20.06.2024 10:01 10:01