Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар мунньаҕа буолла. Сүбэ мунньахха эппиэттээх салайааччылар бэйэлэрин хайысхаларынан ыытыллар үлэни билиһиннэрэн отчуоттаатылар уонна үлэ болдьохторун ыйдылар.
Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта Сергей Местников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо ыһыаҕын Национальнай тэрийэр кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ Урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм миниистирэ Юрий Ханды, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын уонна духуобунай сайдыытын министрин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министрин солбуйааччы Андрей Суслов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаҕа харыстабылын министрин солбуйааччы Любовь Бурнашева, тэрийэр хамыыһыйа чилиэннэрэ кытыннылар.
— Олоҥхо ыһыаҕын тосхоло, эмблемата, бэлиэлэрэ бигэргэннилэр. Ыһыах култуурунай бэлэмигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциацията, култуура Арктическай института, култуура кэллиэһэ, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин артыыстара кыттыыны ылыахтара. Барыта 150 идэлээх артыыс кыттара былааннанар. Маны таһынан, Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын уонна сабыллыытын сиэригэр улуус оскуолаларыттан 200 оҕо кыттыаҕа. Кинилэр Өймөкөөн нэһилиэгэр лааҕырдарга олорон ыһыах аһыллар уонна сабыллар сиэригэр-туомугар бэлэмнэниэхтэрэ. Ыһыахха отучча култуурунай тэрээһин ыытыллыаҕа, — диэн култуура уонна духуобунас миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев эттэ.
Сүрүн болҕомто Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн тосхолугар (кэнсиэпсийэтигэр) уурулунна. Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Сивцев Өймөкөөн оройуонун Томторугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын кэнсиэпсийэтин, ис хоһоонун кэпсээтэ. Кини бу тэрээһин Тымныы полюһун салгыы кэлимник сайдыытын түстүүр сүдү дьаһал буоларын, манна оҕотуттан саҕалаан хас биирдии улуус олохтооҕо тус кылаатын киллэрсиэхтээҕин бары өйдүөх уонна салайааччылар хас биирдии киһиэхэ тиэрдиэх тустаахтарын бэлиэтиир. Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ туох үлэ ыытылларын, быйыл бастакы улахан бэлэмнэнии тэрээһининэн кулун тутар 15-17 күннэригэр ыытыллар научнай-практическай кэмпириэнсийэ буоларын иһитиннэрдэ. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии тэрээһинэ икки сиринэн ыытыллыаҕа. Ол эбэтэр улуус киинигэр Уус-Ньараҕа уонна Томторго араас сэминээрдэр, маастар кылаастар ыытыллыахтара, айар кэлэктииптэри көрүү буолуоҕа. Кэмпириэнсийэ 20 хайысханан үлэлиэҕэ. Олунньу 21 күнүгэр киин куоракка Олоҥхо Ыһыаҕар аналлаах пресс-кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Олунньу 28 күнүгэр Дьокуускайга Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Олоҥхо Ыһыаҕар түмэр, сомоҕолуур «Өймөкөөнтөн истиҥ илдьит» диэн дьоро киэһэ ыытыллара быланнанар. Тэрээһиҥҥэ “Дорҕоон Дойду” бөлөх, эстрада сулустара, Уус-Ньараттан “Золотинка”, Сордоҥноох нэһилиэгиттэн “Саһарҕа” үҥкүү бөлөхтөрүн солистара о.д.а. кыттыахтара.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ ыалдьыттар «Халыма» федеральнай суолунан кэлиэхтэрэ. Ыһыахха кэлбит дьону аан бастаан Хороту күөлгэ көрсүөхпүт. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Лаби Дима» диэн испэктээги бэлэмнии сылдьар. Олоҥхо ыһыаҕын көрсө 11 кинигэ бэчээттэниэҕэ. Улууска биллэриллибит Ыаллаһыы уонна Бииргэ үлэлээһин сылын чэрчитинэн «Көмүс күрүө» этнографическай туристическай комплекска улуустар былаахтара ыйаныахтара, — диэн улуус баһылыга эттэ. Салгыы Иннокентий Сивцев Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһин боппуруостарын, тутуллар саҥа эбийиэктэр тустарынан кэпсээтэ. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ Аал Луук Мас тутуута – 50 %, Тойон Түһүлгэ — 100%, Тойон Аан – 30 %, тула күрүөлээһин — 100%, суолу кутуу үлэлэрэ былырыын оҥоһуллубуттар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ Феврония Шишигина Өймөкөөн улууһун бары улуустартан уратытын учуоттаан туран, улууска ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕын сүрүн тосхолун хайысхаларын кылгастык билиһиннэрдэ:
– 2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллар ыһыах “Дойдумсах буолуу” алгыс сиэрин-туомун ыытыыттан саҕаланыаҕа. Туһаайыллар тосхоллор: экология боппуруоһа, айылҕаҕа ытыктабыллаах сыһыан (Өймөкөөн – тымныы дойдута, килиимэт уларыйыыта); Үтүө санаа (Өймөкөөн — 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыт Н.О. Кривошапкин төрөөбүт дойдута); Үлэ сыла (үлэ – олох төрдө); саха халандаарынан Дьөһөгөй Айыытын сыла (Өймөкөөн -боруода сылгыны иитии дойдута, Дугуйдан Винокуров саха атынан айана); туризмы сайыннарыы (Өймөкөөн – норуоттар икки ардыларынааҕы туризм киинэ).
Үлэ сылын чэрчитинэн Өймөкөөҥҥө ыытыллар суолталаах Олоҥхо ыһыаҕар РФ эрэгийиэннэриттэн кэлбит сылгы иитиитин исписэлиистэрин сүбэ мунньаҕа, сылгы иитиитигэр сибээстээх тэрээһиннэр, сылгыны үөрдээн иитии быыстапката, Өймөкөөн нэһилиэгэр Н.О. Кривошапкин уһаайбатыгар улуустартан кэлбит урбаанньыттар, Томтор нэһилиэгин Үрэх Төрдө учаастагар норуот бөлөһүөктэрин көрсүһүүлэрэ былааннанар. 1924 сыллаахха бу сиргэ Өймөкөөҥҥө гражданскай сэрии түмүктэниитин айхаллаан, эйэлээх олоххо төннүү чиэһигэр саха литературатын төрүттээччи, бэйиэт, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, гуманист-философ Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Эйэ сэргэлэрин туруорбута.
Сүбэ мунньахха түмүк тыл этэригэр Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ, СӨ Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо Национальнай кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр туһунан олохтоохтор ааттарыттан оччолорго Ил Түмэн дьокутаата Василий Александрович Местников уонна улуус баһылыга Михаил Михайлович Захаров туруорсубуттарын туһунан эттэ. “Урукку өттүгэр Олоҥхо ыһыаҕа сүнньүнэн улуус кииннэригэр, элбэх киһилээх-сүөһүлээх, элбэх дьиэлээх уоттаах бөдөҥ түөлбэлэргэ тирэҕирэн ыытыллара. Өймөкөөн Томторун курдук суола-ииһэ, транспортнай туруга уустук, ыраах уонна аҕыйах нэһилиэнньэлээх түөлбэҕэ урукку өттүгэр маннык улахан таһымнаах тэрээһин буола илик”, — диэн бэлиэтээтэ. Александр Жирков этэринэн, Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕын ыытар туһунан дьаһал саха дьоно сүүһүнэн сылларга маннык ыраах сиргэ кэлэн олохсуйан саха төрүт олоҕун, төрүт үгэстэрин тарҕаппыттарын, ону харыстаан, бүөбэйдээн күн бүгүнүгэр диэри энчирэппэккэ илдьэ кэлбиттэрин туһугар уонна А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй, Өймөкөөн сириттэн тахсыбыт саха киэн туттар дьоно: аатырбыт атыыһыт, меценат Николай Кривошапкин, суруйааччы Николай Заболоцкай – Чысхаан, онтон да атыттар үтүө ааттарыгар тэриллэрин бэлиэтээтэ.
Тэрээһиҥҥэ ситэ илик түгэннэри ыйан туран Александр Николаевич олохтоох дьону Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр бүттүүн кытталларыгар ыҥырда. “Кырдьаҕас Өймөкөөн сирэ-уота, ураты айылҕата, томороон тымныыта, дьоҕурдаах дьоно-сэргэтэ үгүс дьону сэҥээрдэр. Элбэх ыалдьыт, ону таһынан бэйэҕит биир дойдулаахтаргыт, ытык кырдьаҕастаргыт кэлиэхтэрэ. Саха омуга үйэлэри уҥуордаан, харыстаан илдьэ кэлбит ыһыаҕа Өймөкөөн сиригэр-уотугар саҕаланар кэмэ чугаһаата. Кытаатыҥ, эһиэхэ ситиһиини баҕарабын”,- диэн этиитин олохтоохтор ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Мунньах түмүгүнэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников хамыыһыйа көһө сылдьар мунньахтарын уонна Өймөкөөн улууһун олохтоохторун кытта тустаах көрсүһүүлэри салгыы ыытарга уонна хонтуруолга ыларга сорудахтаата. Тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии бары боппуруостарын олохтоохтук ырытан, мантан саас үлэ көхтөөхтүк барара саарбахтаммат, СИА-ҕа суруйда Ил Түмэн пресс-сулууспата.
This post was published on 28.02.2023 09:01 09:01