«Чыпчаал аат» хомусчуттар куонкурустарын гран-при кыайыылааҕынан Тааттаттан Эдуард Тарабукин буолла.
«Дьырылата дьүрүhүйэр Олоҥхо дойдутун xoмyha» куонкуруска 30 хомусчут кытынна.
«Куонкуруска тута бэриллибит айымньынан хомуска оонньоон көрдөрүөхтээхпит. Миэхэ «Алаас алтылҕана» түбэспитэ. Маннык куонкурустарга бастакыбын кыттабын. Бэйэм хомус оҥоробун, оҥорбут хомуспар тута оонньоон көрөбүн», — диэтэ Тарабукин.
Лауреакка наҕарааданы Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов туттарда.
Олоҥхо ыһыаҕа быйыл от ыйын 1 уонна 2 күннэригэр Өймөкөөн улууһугар ыытылынна.
This post was published on 03.07.2023 10:26 10:26