Бу күннэргэ Олоҥхо тыйаатыра Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр «Саҥалыы сайдыы: Эпоһы аныгы көрүү» диэн бэстибээлгэ кыттан кэллэ.
Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ Олоҥхо тыйаатыра «Кыыс Дэбилийэ» испэктээги туруорда. Бу туһунан бүгүн суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ Олоҥхо тыйаатырын салайааччылара уонна артыыстара кэпсээтилэр.
«Кыыс Дэбилийэни» көрөөрү чугастааҕы сэлиэнньэлэртэн эмиэ кэлбиттэр. Манна эбэн кэбис бэстибээлгэ кытта сылдьар Татарстан тыйаатырдарын артыыстарын, Казаньтан уонна омук сирдэриттэн кэлбит ыалдьыттары.
— Бэстибээлгэ кыттыыбыт — Саха сирэ унна Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥэр илии баттаһыыларын түмүгэ.
Маннык суолталаах тэрээһин аан бастаан ыытыллар эбит. Ол иһин тэрийээччилэр биһигини сонун сүүрээни өйүүрбүтүгэр көрдөспүттэрэ.
Саха испэктээҕэ бэстибээл тиэмэтин арыйар буолан, биһиги ытыс үрдүгэр илдьэ сырыттылар. Көрөөччү төһө да тылбытын өйдөөбөтөр, артыыстар бэйэлэрин оруолларын хайдах арыйалларын бэркэ сэргээн көрдүлэр.
«Кыыс Дэбилийэ» испэктээххэ Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Минтимер Шаймиев бөртөлүөтүнэн көтөн кэлэн, анаан сылдьыбыт. Кини бу бэстибээли бэйэтинэн тэрийбит эбит.
Минтимер Шаймиев «Испэктээх норуоттары сомоҕолуур күүстээх. «Кыыс Дэбилийэ» тэрээһин киэргэлинэн буолла. Норуот өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьар төрүт култууратын, абыычайын көрдөрөр, Арассыыйа норуоттарын үгэстэрин ситимниир» диэн үрдүк сыана биэрдэ.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ култуура миниистирэ Юрий Куприянов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын бэрэсидьиэнэ, судаарыстыбаннай уонна култуурунай диэйэтэл, уһулуччулаах режиссер, Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи Андрей Борисов, СӨ норуодунай артыыһа, «Кыыс Дэбилийэ» испэктээх туруорааччы режиссера Степанида Борисова уонна Олоҥхо тыйаатырын эдэр артыыстара кыттыыны ыллылар уонна санааларын атастастылар.
Ааптар: Елена Потоцкая, Саха сирэ
This post was published on 25.07.2023 21:00 21:00