23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Олоҥхоҕо айыы удаҕанын алгыһа

11:01, 31 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алгыс тыла-өһө саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга, үрдүккэ, сырдыкка дьулуһарга, күн анныгар эйэлээх олох олохтоноругар туһуланар, алдьархайтан араҥаччылыыр ис хоһоонноох тыл хомуһуна буолар.

Удаҕан тыла-өһө, алгыһа ураты кэрэни, ырааһы, сырдыгы кэрэһэлиир. Айыы удаҕанын алгыһын сыала-соруга – орто дойду дьонугар көмөлөһүү, иэдээнтэн, эрэйтэн-муҥтан быыһааһын, араҥаччылааһын, арчылааһын буолар. Бу туһунан маҕыстыраан Сардаана Тимофеева билим салайааччытын Людмила Ефимовалыын үлэлэригэр кэпсэнэр. 


Тимофеева Сардаана Прокопьевна, маҕыстыраан.

(билим салайааччыта – Ефимова Людмила Степановна,

тыл үөрэҕин дуоктара, бэрэпиэссэр,

культурология хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ)

Алгыс тыла дьылыттан-кэмиттэн, ураты бэлиэ күнүттэн тутулуктанан толоруллара. Ол курдук, үрүҥ тунах ыһыахха, урууга, булт-алт кэмигэр, ынах-сылгы төрүөҕүн тэнитиигэ уо.д.а ананан толоруллара.

Эрдэтээҥи чинчийээччилэртэн арчы сиэрин толорорго үгэс быһыытынан алгыс толорулларын туһунан сыылынай И.А. Худяков бэлиэтээн аһарбыт. А.Е. Кулаковскай арчы сиэрин-туомун туһунан «арчы или аччы очищение от «нечисто». Для этого зажигают пук лучин, сделанных из осколков дерева, разрушенного молнией, и этим огнем машут кругообразно над оскверненными предметами», – диэн суруйар [Кулаковскай 1979, с. 55].

Арчы сиэрэ-туома, алгыһа олоҥхоҕо толоруллуутун тыл үөрэҕин хандьыдаата С.Д. Мухоплева үөрэппитэ. Кини «заклинательные песни – один из жанров стихотворно-музыкальных обрядовых песен, функция которой состояла в заклинании благополучия, связанное с хозяйственно-бытовой и личной жизнью человека или же отвлечь несчастье» диэн суруйар [Мухоплева 1993, с. 65]. С.Д. Мухоплева олоҥхоҕо удаҕан алгыстарын икки көрүҥҥэ араарар: үҥэн-сүктэн көрдөһүү алгыстара уонна дьаһайыы, соруйуу алгыстара. Тыл үөрэҕин дуоктора Л.С. Ефимова удаҕан алгыһын олоҥхо матырыйаалыгар олоҕуран чинчийэн биэс көрүҥҥэ араарар: 1) арчы алгыһа, 2) аан дойду иччитигэр алгыс, 3) ыал буолууга алгыс, 4) куту холбуур алгыс, 5) өлбүтү тилиннэрэр алгыс [Ефимова 2013, с. 93]. Ону тэҥэ олоҥхоҕо ыйыллар арчы, аан дойду иччитигэр, ыал буолууга баар алгыстары билиҥҥи кэмҥэ көстөр, олоххо туттуллар алгыска чугас эбит диэн быһаарар. Кини удаҕаттар толорор куту холбуур, өлбүтү тилиннэрэр алгыстарын олоҥхоҕо эрэ ахтыллаллар диэн бэлиэтиир.

Олоҥхо матырыйаалыттан көрдөххө, арчы сиэрин-туомун толорорго айыы аймаҕын удаҕаттара, бастатан туран, кир-хох сыстыа диэн бэйэлэрин харыстанан арчы тылын этинэллэр, дьаргыл таас былаайахтарынан дьалбыналлар. Кинилэр арчы алгыһын толоруох иннинэ, күнү көрсө үс төгүл эргийэллэр, күн диэки өттүлэринэн күөйэ хааман киирэн баран алҕыыллар эбит. Айыы удаҕаттара алгыһы үгүс өттүгэр орто дойду олохтоохторугар анаан толороллор. Кинилэр Үрдүкү айыылар тиэрдэр этиилэрин, уураахтарын алгыс нөҥүө орто дойду дьонун кытта ситимнииллэр. Айыы удаҕанын алгыһын сыала-соруга – орто дойду дьонугар көмөлөһүү, иэдээнтэн, эрэйтэн-муҥтан быыһааһын, араҥаччылааһын, арчылааһын буолар.

Н.П. Бурнашев «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотугар Айталыын удаҕан арчы сиэрин-туомун толороро кэпсэнэр. Кини арчы алгыһын орто туруу бараан дойдуну ыраастыырга, абааһы хара дьайын бохсорго анаан толорор. Сиэр-туом ис тутула уустук. Удаҕан аан маҥнай үс төгүл күнү көрсө эргийэр, үс төгүл уруйдаан дүҥүрүн охсор. Алгыс бастакы түһүмэҕэр удаҕан бэйэтин билиһиннэрэр, орто дойду дьонугар кэлбит сыалын-соругун тиэрдэрэ бэлиэтэнэр. Салгыы сиэри-туому толороругар Аан дойду иччитигэр Аан Алахчын Хатыҥҥа, от-мас иччилэригэр от аннынан обугунаспыт ойуу-бичик уолаттарга, кырыс аннынан сыбдыгыраспыт кытыан билэ кыргыттарга туһаайан, кэхтэн турбут сир-дойду тылларыгар, сириэдийэригэр, көҕөрөрүгэр көрдөһөр. Ол кэннэ ыраастаммыт сиргэ-уокка алаһа дьиэ тэриллэн, оҕо-уруу тэнийэн, дьол-соргу үксээтин диэн алҕыыр.

Маны таһынан олоҥхоҕо айыы удаҕана орто дойду иччилэригэр сүгүрүйэрэ көстөр. Айыы удаҕана иччилэргэ туһаайар алгыһын Тимофеев-Теплоухов “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотугар көрөбүт. Күн Толомон Ньургустай дойду иччилэригэр сүгүрүйэн сиэр-туом толорор, алгыс аныыр. Аан маҥнай иччилэр ааттарын ааттаан туран кинилэртэн көрдөһөр: Аҕыс иилээх-саҕалаах Аан ийэ дойдум иччитэ, Аһыныылаах санаалаах, Алгыстаах тыллаах Аан Мичил хотун эбэм, Сэттэ иилээх-саҕалаах Сир ийэ дойдум иччитэ Сиэллээх айыы далбар былаайахтаах Бэдэрдээх Бэбиэрэ хотун эбэм. Салгыы удаҕан дьиэ иччититтэн, аал уот иччититтэн Аал Уххан тойонтон өлүү суолун бүөлээн арчылыырыгар көмө көрдөһөр.

Удаҕан биир сүрүн сыала-соруга алаһа дьиэни тэрийэн ыал олоҕун түстүүр, урааҥхайы ууһатар сиэрэ-туома буолар. Уруу сиэрин-туомун эрдэтээҥҥи чинчийээччилэртэн В. Л. Серошевскай, И.А. Худяков ахтан суруйбуттара. Олоҥхоҕо суруллар уруу үгэһин П. А. Ойуунускай “Якутская сказка, ее сюжет и содержание” үлэтигэр бэлиэтээбитинэн, олоҥхоҕо ыал олоҕун түстүүр сыаллаах алгыһы айыы удаҕана эрэ толорор эбит.

Олоҥхоҕо ыал буолуу алгыһын толоруох иннинэ, айыы удаҕаттара кыырар таҥастарын кэтэн, дүҥүрдэрин ылан, ыал буолуохтаах уоллаах кыыстан кири-хоҕу, хара дьайы ыраастаан арчылыыллара бэлиэтэнэр. Ол курдук Н.И.Степанов-Ноорой “Күн Эрили” олоҥхотугар Күн Дьэрэлимэн Куону уот оттон арчылыыллара ахтыллар. Алгыс маҥнайгы тутула ыал буолар дьоҥҥо Үрдүкү айыылар уураахтарын тиэрдии буолар. Иккиһинэн, бухатыыр дьахтары ыал ийэтэ буоларыгар анаан күүһүн-күдэҕин сарбыйыы, илбиһин устуу буолар. Ол курдук, П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотугар Айыы Умсуур удаҕан алта айыы намыһын удаҕаттарын кытта ыал буолар дьоҥҥо алгыс аныылларыгар Үрдүкү айыылар уураахтарын санаталлар, аналларын анаараллар. Ол кэннэ орто дойду олоҕор эр киһи улахан оруоллааҕын бэлиэтээн тураннар, ыал аҕаларыгар Ньургун Боотурга, Хаан Дьаргыстайга сүбэ-ама биэрэллэр, ойохторун хомотор, хоргутуннарар буоллахтарына, Айыыһыт хотун антах хайыһыа, иэримэ дьиэлэрэ иччилэниэ суоҕа диэн сэрэтэллэр.

Удаҕан алгыһын өссө биир көрүҥэ – куту холбуур алгыс. Л.С. Ефимова бэлиэтииринэн, алгыс бу көрүҥэ ыал буолуу алгыһыттан ураты, сыала-соруга майгыннаспат, ыал буолуу сиэриттэн уратытык толоруллар [Ефимова 2013, с. 98]. И.Г. Тимофеев-Теплоухов “Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотугар айыы удаҕана Дугуй Саарын бухатыыр уонна Айыы кыыһа Айбаҥса удаҕан куттарын-сүрдэрин холбуура көстөр. Алгыс ис тутула икки чаастан турар: туһаайыы уонна көрдөһүү. Аптаах алгыс тылыгар удаҕан сиэр-туом толорон, ыал буолар дьон буор, салгын, ийэ куттарын холбуура көстөр.

Удаҕан алгыһын биир ураты көрүҥэ – өлбүтү тилиннэрэр алгыс. Л.С. Ефимова суруйарынан, өлбүтү тилиннэрэр сиэр-туом үс ньыманан толоруллар эбит. Бастакытынан, айыы удаҕана соҕотох толорор, эбэтэр хас да буолан толороллор. Иккиһинэн, айыы ойууна толорор. Үсүһүнэн, чинчийээччи ыйарынан, алгыс ойуун кыырыытыгар майгынныыр быһыынан толоруллар эбит. Олоҥхоҕо көстөрүнэн, айыы удаҕана өлбүтү тилиннэрии сиэрин-туомун толороругар хас да ньыманы туһанар эбит. Э.К. Пекарскай “Образцы народной литературы якутов” хомуурунньугар Н.Т. Абрамов “Уолумар уонна Айгыр удаҕаттар” олоҥхотугар Уолумар удаҕан өлбүтү тилиннэриэх иннинэ, таҥаһын кэтэн олорон, дүҥүрүн үс төгүл охсор, үс төгүл дьааһыйар, уотун оттор, ача күөх оту тула ыһар. Ол кэннэ чугас көмөлөһөөччүлэрин ыҥырар уонна өлбүт киһи буор, салгын, ийэ кутун көрдүүрүгэр көмөлөһөллөрүгэр көрдөһөр. Удаҕан кыыран баран биир болоорхой тыһаҕаһы туппутунан көтө турар. Кэлэригэр өлбүт киһи үс кутун үһүөннэрин туппутунан кэлэн иҥэрэн кэбиһэр. Т.Д. Захаров-Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотугар өлбүтү тилиннэрии сиэрэ-туома, алгыһа ойууланар. Үргэл Тойон кыыһа Үөмэрдээн удаҕан Ала Булкун бухатыыры тилиннэрэригэр Аан ийэ дойду иччитэ Айхал Бичик Эбэҕэ сүгүрүйэн  бэйэтин билиһиннэрэн баран, туох сыаллаах-соруктаах орто дойдуга кэлбитин этэр. Салгыы удаҕан көмөлөһөөччүлэрин ыҥырар уонна кинилэртэн өлөн хаалбыт киһини тилиннэрэргэ көмө көрдөһөр. Салгыы уот оттон кутаа уот иччититтэн арчылыырга-араҥаччылыырга көрдөһөр. Алгыһын толорон баран өлбөт мэҥэ уутун киһи үрдүгэр үрэр, ол кэннэ араҕас илгэни ылан айаҕар быраҕар, онуоха Ала Булкун бухатыыр тиллэн олоро биэрэ түһэр. Маннык сиэри-туому аныгы сайдыылаах үйэ киһитэ эт мэйиитинэн кыайан ылыммат түгэнэ баар да буоллар, олоҥхо матырыйаалыгар итинник ойууламмытын инники араас хабааннаах чинчийиилэр өссө дириҥэтэн арыйыахтара дии саныыбыт.

Онон, түмүктээн эттэххэ, удаҕаттар арчы сиэрин-туомун саҕалыах иннинэ кир-хох сыстыбатын диэн бэйэлэрин арчыланаллара көстөр. Арчы алгыһа айылҕаны харыстыырга, орто дойду дьонун-сэргэтин араҥаччылыырга ананан толоруллар. Удаҕаттар Аан ийэ дойду иччитигэр, от-мас иччилэригэр сүгүрүйэн алгыс тылын этэллэрэ эмиэ көстөр. Кини биир сүрүн сыала-соруга – алаһа дьиэни тэрийэн ыал олоҕун түстээн сиэри-туому толоруута буолар. Аан маҥнай ыал буолар дьону ыраастаан, араҥаччылаан сиэри-туому саҕалыыллар эбит. Алгыс тылынан Үрдүкү айыылар уураахтарын тиэрдэр, бухатыыр дьахтары ыал ийэтэ буоларыгар анаан күүһүн-күдэҕин сарбыйар,  илбиһин устар, ыалга дьоллоох олоҕу баҕарар, эр киһиэхэ сүбэ-ама, сэрэтии биэрэр. Удаҕан аптаах алгыс тылынан сиэр-туом толорон ыал буолар дьон буор, салгын, ийэ куттарын холбуура көстөр. Өлбүтү тилиннэрии алгыһын толороругар Аан дойду иччитигэр, көмөлөһөр иччилэригэр, адьарай иччилэригэр туһаайан, көмө көрдөһөн, араҕас илгэни, өлбөт мэҥэ уутун иһэрдэн, алгыс толорон тилиннэрэр. Удаҕан тыла-өһө, алгыһа ураты кэрэни, ырааһы, сырдыгы кэрэһэлиир.

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:

Олоҥхолор:

  1. Ала-Булкун: якутское олонхо / Т.В. Захаров – Чээбий; [запись В.Н. Васильева ; подгот. текста Э.К. Пекарского, Н.В. Емельянова; пер. Г.В. Баишева – Алтан Сарына; вступ. ст. Н. В. Емельянова; редкол.: д. ф. н. Н.В. Емельянов (отв. ред.), к. ф. н. В.М. Никифоров, к. ф. н. В.В. Илларионов]; Акад. наук Респ. Саха (Якутия), Ин-т яз., лит. и истории. – Якутск: Сахаполиграфиздат, 1994. – 101 с.
  2. Кыыс Дэбилийэ: якутский героический эпос / [Рос. акад. наук, Сиб. отд-ние, Ин-т филологии; сказитель Н.П. Бурнашев; подгот. текста: П.Н. Дмитриева, В.В. Илларионова, А. Д. Нестеревой; пер.: Н.В. Емельянова, П.Е. Ефремова, С.П. Ойунской; вступ. ст.: Н.В. Емельянова, В.Т. Петрова; музыковед. ст. А.П. Решетниковой]. – Новосибирск: Наука, 1993. – 326, [2] c.
  3. Күн Эрили: Н.И. Степанов-Ноорой олоҥхотуттан маҥнайгы таһаарыы / [Н.И. Степанов-Ноорой толоруутуттан суруйда, бэчээккэ бэлэмнээтэ, ыстатыйаны уонна хос быһаарыыны оҥордо П. Н. Дмитриев-Туутук] / Саха Респ. наукаларын акад., тыл, лит. уонна история ин-та. – Дьокуускай: Полиграфист, 1995. – 179 с.
  4. Образцы народной литературы якутов: [в 5 вып.] / собр. Э.К. Пекарским. – СПб.: Тип. Императ. Акад. наук, 1907. Вып. 2. – 1908. – 81-194 c.
  5. Строптивый Кулун Куллустуур = Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур: якутское олонхо / Акад. наук СССР, Ин-т мировой лит. им. А.М. Горького, Сиб. отд-ние, Якут. фил., Ин-т яз., лит. и истории; [сказитель И.Г. Тимофеев-Теплоухов; запись В.Н. Васильева; подгот. текста Э.К. Пекарского, Г.У. Эргиса; пер. А.А. Попова и И.В. Пухова; вступ. ст. И.В. Пухова и Г.У. Эргиса; отв. ред. А.С. Мирбадалева]. – М.: Наука, Главная редакция восточной литературы, 1985. – 605, [3] с.
  6. Ефимова Л.С. Алгыс саха (якутов) в свете фольклорных традиций тюрко-монгольских народов Сибири: классификация, общая характеристика / Л.С. Ефимова. – Новосибирск: Наука, 2013. – 178 с.
  7. Кулаковский А.Е. Научные труды = Научнай үлэлэр / А.Е. Кулаковский; Акад. наук СССР, Сиб. отд-ние, Якут. фил., Ин-т яз., лит. и истории . – Якутск: Якут. кн. изд-во, 1979. – 483 с.
  8. Мухоплева С.Д. Якутские народные обрядовые песни: (Система жанров). – Новосибирск: Наука, 1993. – 112 с.
  9. Ойунский П.А. Якутская сказка (олонхо), ее сюжет и содержание = Yakut fairy tale (olonkho), its plot and contents (experience of yakut fairy tale’s analysis) / П. А. Ойунский; [редкол.: В.Н. Иванов, д.и.н. (отв. ред.), А.А. Находкина. к.ф.н., Н.А. Николаева]; М-во образования и науки Рос. Федерации, ФГАОУ ВПО «Сев.-Вост. федер. ун-т им. М. К. Аммосова», Науч.-исслед. ин-т Олонхо. – Якутск: Сайдам, 2013. – 94, [1] с.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА