«Декада чэрчитинэн 80-тан тахса тэрээһин ыытыллара күүтүллэр, Дьокуускай куорат уонна муниципальнай тэриллиилэр былаһааккаларыгар. Куонкурустар уонна пуорумнар, бэстибээллэр уонна десаннар, быыстапкалар уонна айар сменалар, испэктээктэр уонна научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, үөрэнээччилэргэ олоҥхо олимпиадата, айар киэһэлэр, семинардар уонна маастар-кылаастар уонна да атын дьаһаллар сүрүннүүр олоҥхоһуттар, актердар, экспертов, ааптардар, култуура исписэлиистэрэ кыттыылаах ыытыллыахтара», — диэтэ Афанасий Ноев.
Салайааччы эппитинэн, саха норуотугар олоҥхо — тыл төрүтэ, тулалыыр эйгэ уонна духуобунас.
Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 25 күнүгэр олоҥхоһуттарга, тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар граннары туттарыаҕа.
This post was published on 22.11.2024 17:04 17:04