Бэҕэһээ Олоҥхо декадатын үөрүүлээхтик арыйдылар. Ахсынньы 5 күнүгэр диэри барыта 60- тан тахса араас быһыылаах тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар. А. Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолбут тээрээһиҥҥэ норуот эпоһын толорооччуларын уонна тарҕатааччыларын чиэстээтилэр. Тэрээһин бүтүүтэ, Н.П.Бурнашева- Боодоҕос айымньытынан режиссер Степанида Борисова туруорбут Олоҥхо тыйаатырын “Кыыс Дэбилийэ” испиктээгин көрдөрдүлэр.
Декада сэтинньи 22 күнүттэн саҕаламмыта уонна ахсынньы 5 күнүгэр диэри буолуоҕа диэн санатабыт. Барыта 60- тан тахса араас быһыылаах тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар: телевидениеҕэ уонна Интернеккэ, видеоконференциялар, лекциялар, конкурстар, быыстапкалар уонна испиктээктэр. Саха сирин култууратын министиэристибэтин сайтыгар олоҥхо декадатыгар аналлаах тэрээһиннэр толору бырагырааммаларын билсиэххэ сөп.
Култуура миниистирэ өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай эпоска ураты болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ. Эһиил Ил Дархан Айсен Николаев уонна бырабыыталыстаба быһаарыытынан, П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхотун хаттаан сахалыы тылынан таһаарыахтара.
«Эһиил «Ньургун Боотур» национальнай операны улахан тыйаатыр сыанатыгар туруорарбытын былаанныыбыт. Олоҥхо ыһыаҕа Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананыаҕа. Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыахтаах ыһыахха күүстээх бэлэм саҕаланара күүтүллэр», — диэн Юрий Куприянов бэлиэтээтэ.
This post was published on 26.11.2021 15:03 15:03