Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр үгүс туруорсуу кэнниттэн, Башкирия өрөспүүбүлүкэтигэр аан бастакытын Урал Баатыр эпостарын Декадата саҕаланна.
Олоҥхобут аан дойду тылынан уус-уран бастыҥ айымньытынан билиниллиэҕиттэн ыла саха уопсастыбаннаһа атын омуктар эпостарыгар эмиэ сүҥкэн болҕомто ууран, хардарыта уопут атастаһыылары, дойдулар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэлэри, араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытан кэллэ. Бу норуоттар доҕордоһууларыгар улахан кэскиллээх хардыы буолара саарбахтаммат.
Холобур, соторутааҕыта Башкирия өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар Уфаҕа Мифтахетдин Акмулла аатынан судаарыстыбаннай педагогическай университекка XVII-с «Акмуллинскай ааҕыылар» научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Онно университет иһинэн фольклору үөрэтэр-чинчийэр киин салайааччыта, профессор, филологическай наука доктора Роза Султангареева уонна филологическай наука доктора Нэркэс Хуббутдинова ыҥырыыларынан, Саха сириттэн Норуоттар музыкаларын уонна фольклордарын музейын методиһа, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы култуура колледжын преподавателэ Варвара Обоюкова кыттыыны ылла уонна сырыы түмүгүнэн санаатын кытта бу курдук үллэһиннэ:
— Мин фольклористика хайысхатыгар «Эпические песни-тойук персонажей олонхо: строптивый Кулун Куллустуур» (Т.Г. Тимофеева- Теплоухова) темаҕа дакылаат аахтым. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Гавриил Колесов аатынан «Олоҥхо Дьиэтин» специалистара Станислав Иванов уонна Ариан Пермяков Олоҥхо ырыаларын-тойуктарын толорон, улахан сэҥээриини ыллыллар. Бу секцияҕа «Олоҥхо Дьиэтин» дириэктэрэ Евдокия Иванова тэрилтэ үлэтин-хамнаһын туһунан видеонан дакылаата кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын болҕомтотун тарта. Ол курдук Алтай, Казахстан, Киргизия, Татарстан, онтон да атын дойдулар специалистарын ыйытыктарыгар хоруйдаата.
Сахабыт сирин дэлэгээссийэтигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик орто оскуолатын Сахайта Мойтохонова салайар «Олоҥхо оскуолатын» үөрэнээччилэрэ киирсэн, кыттыыны ыллылар. Кинилэр Тимер Юсупов аатынан Өрөспүүбүлэкэтээҕи лицей дириэктэрэ, фольклорист Марат Гильманов ыҥырыытынан «Школа Сэсэнов» иитиллээччилэрин, уһуйуллааччыларын кытта үс күн устата уопут атастастылар. Түмүккэ Марат Гильманов уонна Сахайта Мойтохонова салгыы бииргэ үлэлэһиигэ илии баттастылар.
Маны таһынан Нафиса Тулыбаева салайааччылаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтигэр сырыттыбыт. Башкир омук урууну тэрийэр сиэрин-туомун сөҕө көрдүбүт. Салгыы Национальнай музейга Гавриил Колесов 90 сааһыгар аналлаах «Саха олоҥхото: «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн Уфа куорат музыкальнай колледжын, педагогическай институтун, университетын устудьуоннарыгар аналлаах Аrt-көрсүһүү үрдүк таһымҥа тэрилиннэ. Манна даҕатан эттэххэ, биллэр музыка деятелэ Дамир Абубакиров саха композитордарыгар Владимир Ксенофонтовка, Полина Ивановаҕа дириҥник сүгүрүйэрин туһунан тыл эттэ. Түмүккэ Гавриил Колесов аатынан «Олоҥхо Дьиэтин» дириэктэрэ Евдокия Иванова уонна РНАДь дириэктэрэ Нафиса Тулыбаева бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр илии баттастылар.
Таһаарыылаах айаммыт түмүгэр биири бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол курдук Башкирия уонна Саха сирин икки ардыларыгар доҕордуу сыһыан үөскүүрүгэр биллэр фольклорист, эпосовед Гульнара Юлдыбаева аатын ааттыыры наадалааҕынан ааҕабын. Кини «Урал Баатыр» башкир эпоһын рукопиһын 2014 сыллаахха бэйэтин үбүгэр бэлэмнээн таһааран тарҕаппыт өҥөлөөх. Салгыы орто дойдуттан арахсыар диэри «Ньургун Боотур» олоҥхону башкир тылынан таһаарарга үлэлэспитэ. Онон бу сырыыбытын биһиги кини сырдык кэриэһигэр анаатыбыт.
Бу курдук Саха сиригэр сылын аайы ыытыллар Олоҥхо ыһыахтара, научнай кэмпириэнсийэлэр уруулуу түүр тыллаах омуктарга холобур буолан, уопут атастаһыытыгар эрэ буолбакка, норуоттары сомоҕолуурга туһаайыллаллара элбэҕи эрэннэрэр.
Ааптар: Анфиса Слепцова, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Санкт-Петербург к.
This post was published on 21.12.2022 14:01 14:01