Олимпиадаҕа Саха сириттэн ким кыттарый?

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Аан дойдутааҕы олимпийскай кэмитиэтэ (МОКПариж куоракка ыытыллар Олимпийскай оонньууларга Арассыыйаттан кыттар  нейтральнай спортсменнар испииһэгин таһаарда. Хамаанда састаабыгар  официальнай ыҥырыыны ылбыт уонна кыттартан аккаастамматах 15 спортсмен киирдэ. Ону кытта Олимпиадаҕа биэс саха спортсмена кыттыаҕа.

Ол туһунан  «MK.ru» таһаарыы биллэрдэ. Бэлисипиэдиэнэн күрэхтэһиилэргэ Тамара Дронова, Алена Иванченко, Глеб Сырица кыттыахтара.

Евгений Сомов харбааһыҥҥа киирсиэҕэ. Алексей Коровашков, Захар Петров  уонна Олеся Ромасенко байдарканан күрэхтэһиэхтэрэ. Анжела Бладцева батутка ыстаныыга  кыттара күүтүллэр. Саамай элбэх спортсмен теннискэ киирсиэҕэ  — Даниил Медведев, Павел Котов, Роман Сафиуллин, Мирра Андреева, Екатерина Александрова, Диана Шнайдер уонна Елена Веснина.

Саха сириттэн буолаары турар Олимпийскай ооннььуларга хапсаҕайга Владимир Егоров (Хотугу Македония), Айаал Лазарев (Кыргызстаан), Виктор Рассадин (Таджикистаан) уонна Георгий Окороков (Австралия), ону кытта сүүрүүгэ Сардаана Трофимова (Кыргызстаан) кытталлара күүтүллэр. Ол эрээри, Олимпиада тэрийээччилэрэ испииһэк уларыйыан сөп диэн биллэрдилэр. Ону таһынан Аан дойдутааҕы олимпийскай кэмитиэтэ туох эмит биричиинэнэн кыттыбат буоллахтарына, спортсменнары уларытыы, миэстэлэрин уларытан биэрии тахсыан сөп иһитиннэрдилэр. Спортсменнары ситиһиилэри!

Олимпийскай оонньуулар Францияҕа от ыйын 26 — атырдьах ыйын 11 күннэригэр диэри ыыттыллыахтара.  Арассыыйа спортсменнара турнирга нейтральнай ыстаатыска эрэ кыттар кыахтаахтар. 

This post was published on 18.07.2024 16:05 16:05