Олимпиадаҕа кыайыы иһин Саха сирин спортсменнарыгар 6 мөл.солк. уонна олохторун тухары ый аайы төлөбүр бэриллиэҕэ

Быйылгы Олимпиадаҕа кыайбыт, кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыт Сахабыт сирин спортсменнарын бырабыыталыстыба 6 мөл.солк. наҕараадалыаҕа. Ону таһынан кинилэр олохторун тухары 45 тыһ.солк. ылыахтара. Ити туһунан Новости РИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ спортка миниистирин солбуйааччы Марина Захарова этэр.


Оттон үрүҥ көмүс мэтээл иһин 4 мөл.солк. таһынан ый аайы 36 тыһ.солк. бэриллиэҕэ. «Боруонса» мэтээлгэ — 3,2 мөл.солк. уонна ыйга 27 тыһ. солк.

Оттон кыайыылаахтар тренердэригэр 3 мөл.солк., үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт спортсмены иитэн таһаарбыкка – 2 мөл.солк., оттон боруонса мэтээллээх спортсмен тренерэ —1,6 мөл.солк.

Олимпиадаҕа Россия сүүмэрдэммит хамаандатын иһин Виктор Лебедев киирсэр. Оттон паралимпиецтары оонньууларга киллэрдэхтэринэ, түөрт саха спортсмена мэтээллэр иһин күөн көрсүөхтэрэ. 2012 сыллаахха Лондоҥҥа ыытыллыбыт сайыҥҥы оонньууларга үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт, пауэрлифтиҥҥэ Россия спордун үтүөлээх маастара Владимир Балынец, аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ уонна бириистээх миэстэлэригэр тиксибит, Россия спордун үтүөлээх маастара Анастасия Диодорова, 2012 сыллааҕы Паралимпийскай оонньууларга ох саанан ытыыга боруонса мэтээли ылбыт, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах уонна Россия спордун үтүөлээх маастара Степанида Артахинова уонна волейболга Европаҕа үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт Алена Дмитриева.

This post was published on 10.08.2016 17:39 17:39