Ольга Балабкина: «Тунеядство туһунан» сокуон барыла ийэлэр, дьиэ хаһаайкаларын бырааптарын күөмчүлүөн сөп

Ыстараабы олохтуур «Тунеядство (Бэлэми кэрбээччи) туһунан» сокуон барыла уопсастыбаҕа улахан аймалҕаны таһаарда. Бу туһунан Саха сирин дьокутааттара туох санаалаахтарын СИА билистэ. Агентство ыйытыгар Ил Түмэн вице-спикерэ Ольга Балабкина хоруйдаата.


Дойду үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ үлэлиир саастаах эрээри официальнайдык үлэлээбэт дьоҥҥо ыстараабы үөскэтэр докумуону оҥоро сылдьара өссө балаҕан ыйыгар биллибитэ.

«Сокуон барылын туһунан этэр буоллахха, үлэлээбэт дьон ханнык үптэринэн-харчыларынан ыстараабы төлүөхтэрэй? Оттон дьиэ хаһаайкалара хайдах буолаллар?» —диир Ольга Балабкина.

Олохторун оҕолоругар анаабыт Ийэлэр эмиэ хайдах буолаллара өйдөммөтүн кини этэр.

«Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы «Однажды двадцать лет спустя» диэн киинэни үгүстэр өйдүүллэрэ буолуо. Онно бииргэ үөрэммит оҕолор оскуоланы бүтэрэн баран 20 сыл буолан баран көрсөллөр. «Туох үлэһит буоллуҥ?» диэн ыйытыкка Наталья Гундарева дьоруойа: «Мин ийэнэн үлэлиибин» диир. Сүрэҕэлдьээн үлэлээбэт дьону уонна ийэлэри сокуон ааптардара хайдах араараллар?» —диир вице-спикер.

Ольга Балабкина регион уратытын умнубата. Холобур, үгэс буолбут дьарыгынан ииттинэн олорор булчуттар, балыксыттар, табаһыттар, чууму көрөн-истэн олорор хаһаайкалар. Бу дьахталлар сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 18.00 диэри хонтуораҕа буолбакка, күннэри-түүннэри үлэлииллэр. Итинник уонна итиниэхэ майгынныыр ыйытыктар тахса туруохтарыгар кини тохтоото.

«Сокуон барылын сыала-соруга өйдөнөр. «Кэмбиэргэ» угуллан бэриллэр хамнаһы суох оҥоруу. Билигин дьон сокуоннайдык хамнас аахсарга интэриэстээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ итиниэхэ ханнык эрэ эбии миэрэлэри ылар сөбө суох», — диэтэ кини.

This post was published on 27.10.2016 11:09 11:09