Ольга Балабкина: Саха сиригэр биллэриллибит Доруобуйа сылын нуорма-быраап докумуона оҥоһулунна

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал тосхолугар 2021 сылы Доруобуйа сылынан билинэргэ эппитэ. Билигин нуорма-быраап докумуона оҥоһулунна. Ол туһунан Ольга Балабкина соцситимнэргэ эттэ, суруйар СИА.


«Айсен Николаев 2021 сылы Доруобуйа сылынан биллэрдэ. Билигин нуорма-быраап баазата уонна бырайыак бэлэм. Сүрүн соруктарынан нэһилиэнньэ доруобуйа харыстабылын, социальнай эйгэ өҥөлөрүн сөпкө ылыыта буолар. Бу дьоҥҥо туруктаах олоҕу мэктиэлиир хайысхалар», — диэтэ Ольга Балабкина.

This post was published on 21.01.2021 12:02 12:02