Ольга Балабкина: Оҕолор “дистанционно” үөрэниэхтээхтэр

Ýëåêòðîííûå êíèãè

Саха сирин вице-премьера Ольга Балабкина муус сутар 2 күнүгэр киэһээҥи брифиҥҥэ эппитинэн, оҕолор хайаан да үөрэниэхтээхтэр, “дистанционно”.


«Оҕолор үөрэҕи ылыахтаахтар. Билиҥҥи усулуобуйаҕа — “дистанционно”», — диэтэ Ольга Балабкина.

Санатар эбит буоллахха, Россия Роспотребнадзорун салайааччыта Анна Попова үлэлээбэт нэдиэлэни уһатар туһунан этии оҥорбута. Коронавирус инфекцията 14 күн инкубационнай болдьохтооҕун бэлиэтээбитэ.

Президент Владимир Путин муус устар 2 күнүнээҕи киэһээҥи аһаҕас эфиригэр харантыыны муус устар 30 күнүгэр диэри уһатары эттэ, ити эрээри хас биирдии регион ыарыы миэстэтигэр хайдах салаллан барарыттан, быһаарыылар ылыллыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

This post was published on 03.04.2020 10:11 10:11